Күрэх тэрийээччилэрэ: В.Ф. Гольдеров оҕолоро, сиэннэрэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотеката, “Иэйиэхсит” оҕо общественнай түмсүүтэ.
Күрэх сыала-соруга:
- В.Ф. Гольдеров айымньыларын киэҥ араҥаҕа тарҕатыы;
- Эдэр көлүөнэҕэ саха уран тылын кэрэтин уһуйуу;
- Айымньыны саҥа хараҕынан, аныгытытан көрүү;
Күрэх ирдэбиллэрэ:
- В.Ф. Гольдеров ханнык баҕарар айымньытын литературнай-музыкальнай дьүһүйүү халыыбынан тиэрдии;
- Күрэххэ киирэр үлэ биэс мүнүүтэттэн уһун буолбат;
- Үлэлэргитин бэйэҕит ютуб каналгытыгар уган баран тэрийээччилэргэ ссылкатын уонна кыттааччы аатын-суолун, контактнай номердарын ыйан баран бу электроннай почта аадырыһыгар: vvlib_3@mail.ru, биитэр бу номерга ватсап нөҥүө 89143010538 ыытаҕыт;
- Үлэлэргитин тохсунньу 18 күнүттэн – олунньу 16 күнүгэр диэри ыытаҕыт, түмүк олунньу 18 күнүгэр библиотека сайтыгар тахсыаҕа.
Сыаналанар:
- Толоруу маастарыстыбата;
- Айымньыны өйүттэн ааҕааһын;
- Сценическай культура – таҥас-сап, реквизит;
- Күрэххэ кыттааччылар түөрт группаҕа арахсаллар: 1-4 кл., 5-8 кл., 9 – 11 кл. уонна улахан дьон.
Наҕараадалааһын:
- Күрэх түмүгүнэн хас биирдии группаҕа 1,2,3 миэстэлэр, харчыннан бириис уонна Республиканскай суолталаах грамоталар, туоһу суруктар туттарыллыахтара.
Боппуруостаргытын сиһилии бу номерга ватсап, эбэтэр звонок нөҥүө чуолкайдыаххытын сөп: 89143010538