“Сахалыы ыраастык саҥарыах”
«Иэйиэхсит»-«Тымтык» бөлөх оҕолору сырдыкка сирдиир
Ороһу нэһилиэгин олохтоохторо “Бараховскай дьыктааҥҥа” кытыннылар
Ороһу нэһилиэгэр “Кинигэтэ бэлэхтээ” акция
Саха Республикатын Национальнай библиотекатын көҕүлээһининэн олунньу 7 күнүттэн 14 күнүгэр диэри “Кинигэтэ бэлэхтээ” акция ыытылынна. Аан дойдуга олунньу 14 күнэ – кинигэ бэлэхтээһин күнүгэр акция түмүктэннэ. Ороһубут нһилиэгин библиотеката ол акцияҕа эмиэ кыттан, нэһилиэкпит икки маҕаһыыныгар акция коробкатын ууран, Ороһу олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Акцияҕа уопсайа 60-тан тахса кинигэ, үөрэх тээбиринэ киирдэ. Библиотекарь Жанна Семеновна […]
“Биһиги Бараахаппыт”
Биллииллээх государственнай, политическай деятель И.Н. Барахов, 100 сыллаах юбилейыгар анаан Иван Еремеевич Иванов – Уйбаан Ороһуунускай бу кинигэни күн сиригэр көрдөрбүтэ. Манна Исидор Барахов туһунан араас жанрынан айымньылар, ахтыылар киирбиттэрэ. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
Ороһу нэһилиэгиттэн силис тардар билим доктордара, ученай степеннээх дьон.
(тохсунньу 28 күнэ) олунньу 8 күнүгэр 1724 сыллаахха Петр I ыйааҕынан Россияҕа Наука Академията төрүттэммитэ. 1999 сыллаахха Дойду Президенин ыйааҕынан олунньу ый 8 күнэ Россия үрдүнэн наука күнүнэн биллэриллибитэ. Биһиги Ороһубут нэһилиэгиттэн олохторун наукаҕа анаабыт дьон аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр тустарынан сиһилии бу галереяҕа көрөргүтүгэр ыҥырабыт:
“Кириһиэнньэ түүн”
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытыгар 1941 с. атырдьах ыйыгар Н. К. Седалищев армияҕа барар. Радистар онтон эппиһиэрдэр комсостав куурустарын бүтэрэн баран младшай лейтенант сыбаанньалаах взвод хамандыыра буолбут. Калинин уонна Ленинград анныгар кыргыһыыларга кыттыбыт. Үстэ бааһырбыт. 1944 с. олунньутугар сураҕа суох сүппүт. Айар үлэтэ Н. К. Седалищев кылгас (1913—1944), ол гынан баран дьикти айар олоҕу олорон […]
Ороһу нэһилиэгэр республикатааҕы уустар күрэхтэрэ
Саха народнай поэта Петр Николаевич Тобуроков төрөөбүтэ 105 сылын көрсө, төрөөбүт-үөскээбит Ороһутун нэһилиэгэр, Ороһу орто оскуолатын коллективын, выпусниктарын көҕүлээһининэн, мас уустарын күрэҕэ үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Республикабыт араас муннуктарыттан уопсайа биэс кыттааччы үс күнү мэлдьи поэт айымньыларын ис хоһоонунугар олоҕуран мас скульптуралары оҥордулар.Кыттааччылартан биирдэстэрэ, Ороһу нэһилиэгиттэн силис тардар Саха Республикатын народнай маастара, Биэчэрэ Олоҥхоһут сиэнэ Василий […]
“Ороһу кыһатыттан кынаттанан”
Саха норуотун талааннаах поэта, прозаига, тылбаасчыта, народнай суруйааччы, СР уонна РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү, Орто Халыма улуустарын, Тамалкаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Титович Руфов төрөөбүтэ өрөгөйдөөх 95 сылын ахсынньы 9 күнүгэр ыҥырыылаах ыалдьыттар, Ороһу нэһилиэгин оскуолатын үөрэнээччилэрин, учууталларын, нэһилиэк олохтоохторо кыттыылаах бэлиэтээтибит. https://dzen.ru/a/Y5aajVrvsVcwgLOd?share_to=link
“Лето с книгой”
Лето – самое яркое время каникул. Учащиеся Оросунской средней школы, как никто знают, что время надо проводить активно и с пользой. По этому, в первые дни летних каникул, наша библиотека проводит цикл мероприятий “Лето с книгой”. Ребята с большим интересом послушали обзор выставки: “Россия – наша гордость”, так же обзор литературы для летнего чтения. Урок […]