Саха Республикатын Национальнай библиотекатын көҕүлээһининэн олунньу 7 күнүттэн 14 күнүгэр диэри “Кинигэтэ бэлэхтээ” акция ыытылынна. Аан дойдуга олунньу 14 күнэ – кинигэ бэлэхтээһин күнүгэр акция түмүктэннэ. Ороһубут нһилиэгин библиотеката ол акцияҕа эмиэ кыттан, нэһилиэкпит икки маҕаһыыныгар акция коробкатын ууран, Ороһу олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Акцияҕа уопсайа 60-тан тахса кинигэ, үөрэх тээбиринэ киирдэ. Библиотекарь Жанна Семеновна уонна тех үлэһит Екатерина Константиновна киирбит бэлэхтэри наардаан элбэх оҕолоох ыалларга уонна соҕотох олорор кырдьаҕас дьоҥҥо илдьэн түҥэттилэр. Оҕолор уонна саастаах дьон соһуччу бэлэхтэн олус үөрдүлэр. Биһиги эмиэ олус үөрдүбүт, бэлэхтэммит кинигэлэри дьиэ кэргэммитинээн ааҕыахпыт. Бу маннык аһымал акция оҕолору үтүө санаалаах буоларга иитэр. Акцияҕа кыттыбыт Ороһу олохтоохторугар махтанабыт!
” Тымтык ” эдкорпост, Ороһу