“Оллоонноон олорон остуоруйалаһыах” 9
“Оллоонноон олорон остуоруйалаһыах” 8
“Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт” виртуальнай кинигэ быыстапката
Күндү ааҕааччы! Эйигин Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Ыам ыйын 15 күнүн, ООН Генеральнай Ассамблеята, дьиэ кэргэн күнүнэн 1993 сыллаахха биллэрбитэ. Кэрэҕэ, сырдыкка тардыһар, элбэх билиини ылар, кинигэ ааҕар дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолар. Бигэ туруктаах дьиэ кэргэн – дойду сайдар кэскилэ! Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека Аан Дойду дьиэ кэргэнин күнүн […]
Ороһу нэһилиэгин ытык кырдьаҕастарын Николаева Федора Спиридоновна, Раева Пелагея Петровна уонна Власьева Ксения Самсоновна дьоннорун, олохторун туһунан ахтыыларын видео-устуута.
“Оллоонноон олорон остуоруйалаһыах” – 7
“Боруҥуйга” сэһэн тэттик киинэтэ сүрэхтэннэ
Ороһу орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Габышева Галина Юрьевна) уонна Д.Е. Иванов – Артыыс Миитэрэй аатынан народнай театр режиссера Сайыына Васильева Георгий Романович Кардашевскай урукку олоҕу сэһэргиир “Боруҥуйга” сэһэнигэр олоҕуран тэттик киинэ уһуллулар. Ороһу орто оскуолатын кылаастара нэһилиэкпит киэн туттар дьонун аатын сүгэллэр. Холобура былырыын, бэһис кылаас оҕолоро үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха народнай суруйааччытын […]
Уйбаан Ороһуунускай “Улуу Кыайыыны уһансыбыттара” электроннай кинигэ
Бу кинигэҕэ ааптар Ньурба уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарын Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарын туһунан сырдатар. Сиһилии поэт-фронтовик А.Софронов, партизан С.И. Сюльскай, наука үлэһитэ Ф.С. Донской уо.д.а. тустарынан ыстатыйалар, ахтыылар.
“Оллоонноон олорон остуоруйалаһыах” 6
“Ааҕар дьиэ кэргэн 2023”
Ыам ыйын 3 күнүгэр Ороһу нэһилиэгин оскуолатын, К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан нэһилиэк библиотекаларын холбоһуга, кэлэр көлүөнэҕэ ааҕыыга интэриэһи тардар, дьиэ кэргэни ситимниир сыалтан, үгэскэ кубулуйбут “Ааҕар дьиэ кэргэн 2023” булугас өй күрэхтэһиитин ыыттылар. Күрэхтэһиигэ алын кылаас оҕолоро уонна кинилэр төрөппүттэрэ кыттыыны ыллылар. Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ Вероника Быккасова ийэтинээн Евдокиялыын, […]