Библиотекаҕа судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах дьылабыай оонньуу

Бүгүн, Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүгэр Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотекаҕа сэбиэдиссэй Жанна Семеновна Иванова “Дьыалабыай оонньуу” ыытта. Киирии тылыгар П.А.Ойуунускай, М.К. Аммосов, И.Н.Барахов, С.В.Васильев, С.М,Аржаков тустарынан, Саха сирэ киэҥин, сиртэн хостонор баайын, талааннаах дьонун туһунан кэпсээтэ.

Кэлбит оҕолор икки ” нэһилиэк ” буолан оонньоотулар. Бастакы нэһилиэк аата “Күөллээх”, иккис нэһилиэк “Көмүстээх”. Бастакы нэһилиэк “баһылыга” Алина Рузалиевна Ласточкина, “оскуола директора” Матвей Матвеевич Матвеев. Иккис нэһилиэк “баһылыга” Максим Андреевич Иванов, “солбуйааччыта ” Сергей Константинович Исаков, “т/ х исписиэлиһэ” Сергей Алексеевич Степанов буоланнар нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын уонна инники сайдыытын кэпсээтилэр, көмүскээтилэр.

Кэпсииллэриттэн иһиттэххэ “Күөллээххэ” сыллата оҕото элбээн, үөрэххэ тардыһыы улааппытынан лицей-интернаттаахтар, онтон “Көмүстээххэ” үс тэриллиилээх ынах-сүөһүнү тутар пиэрмэлээхтэр
эбит.
 Нэһилиэк сайдыытын өйүүр бырагырааммаҕа нэһилиэктэртэн чорботон эттэххэ “Күөллээххэ” эдэр дьон олохсуйар түөлбэлэригэр 50 мөлүйүөн суумалаах, онтон “Көмүстээх” оҕо төрүүр дьиэтин тутуутугар 100 мөлүйүөн суумалаах смета оҥорон көмүскүүр былааннаахтар эбит.

 Ити курдук,” Дьыалабыай оонньуу” бэрт сэргэхтик ааста. Бэлиэтээн этэр тоҕоостоох, соһуччу, сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Н.Н. Ноговицына, С.А. Таныкова судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах уон боппуруоһу бэлэмнээн тэрилтэлэринэн кэрийэн биктэриинэ ыыта сылдьаллар эбит. Библиотекаҕа киирэн биһигини тургутан көрдүлэр. Биһиги уон боппуруоска сөптөөх эппиэти биэрэн үлэһиттэр да, оҕолор да үөрдүбүт.

Нина Никитична Михайлова

Red Heart