“Вторник – доруобуйа күнэ” бүттүүн улуустааҕы проект чэрчитинэн Ороһутааҕы сынньалаҥ киинэ уонна библиотека “Читаем в планке” челлендж биллэрбиппит. Челленджка уопсайа республикабыт араас муннуктарыттан 16 киһи кыттыыны ылла. Ол курдук, алын кылаас үөрэнээччилэрин ортолоругар Дүллүкү орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Руфова Айсаана 1 мүн. 54 сөк., орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрин ортолоругар Ороһу орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Айхаана Петрова 4 мүн. 3 сөк. турда, кинини ханыылыы Дүллүкү орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Ксенофонтов Айтал 4 мүн. 23 сөк. тулуһан турда. Улахан дьон ортолоругар Ороһу нэһилиэгиттэн сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Ньургуяна Ноговицына оруобуна 1 мүн., онтон Дьокуускай куораттан киэн туттар биир дойдулаахпыт Ульяна Лугинова 7 мүн. 41 сөк. өр турдулар. Бу ааттаммыт кыттыылаахтар бары сынньалаҥ киинэ уонна библиотека туруорбут призтэринэн наҕараадаланаллар!
Махталбытын тиэрдэбит челлендж уһулларыгар күүс-көмө буолбут Вадим Васильевка уонна Любомир Птицыҥҥа. Биһиги челленджпыт кыттыылаахтарын курдук өрүү чөл олоҕу, чэбдик туругу инники күөҥҥэ тутун!