“Ороһу нэһилиэгин” историятын кинигэтэ аудио-видео форматка таҥылынна

“Ороһу нэһилиэгин” историятын кинигэтин нэһилиэк 120 сыллаах өрөгөйүн чэрчитинэн, Михайлова Нина Никитична салалталаах “Иэйиэхсит” оҕо түмсүүтэ уонна олохтоох библиотека, аудио-версиятын таҥан таһаардылар. Кинигэни аахтылар: Аурика Бырдакарова, Анастасия Ильина уонна Нарыйаана Ушатова.