Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы модельнай библиотека уонна «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө «Халандаар бэлиэ күннэрэ» бырайыак чэрчитинэн, устуоруйа кэрэһитэ буолбут биир дьоһуннаах тэрээһини ыыттылар. «Сэтинньи сэтистиир күүрээннээх күнэ» диэн ааттаммыт көрсүһүү лоп-бааччы сэтинньи 7 күнүгэр буолла. Бу күн библиотекаҕа хас да көлүөнэ дьон — оҕолор уонна эбээлэр — көрсөн, ааспыт кэм ахтылҕанын, көлүөнэ ситимин биир тыынынан ыллылар.

Тэрээһини кыттааччылар Улуу Өктөөбү уруйдуур дьүрүскэн ырыанан астылар. Ол кэнниттэн кэпсэтии саамай дьикти, кэрэхсэбиллээх түһүмэҕэр — ааспыт үйэ кэрэһиттэрин көрүүгэ-истиигэ көстө. Бастакы ыалдьыт, коллекционер Ульяна Федоровна Гольдерова, мустубут дьоҥҥо Сэбиэскэй кэминээҕи баай коллекциятын көрдөрдө. Кини кыһыл былаах ойуулаах Өктөөп бырааһынньыгын кыраһыабай открыткаларын, кэм-кэрдии бэлиэтэ буолбут араас өҥнөөх значоктары уурталаата.

Ульяна Федоровна оччотооҕу кэм дьоно почта нөҥүө бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ эҕэрдэлэрин тиксэрэллэрин туһунан кэпсээтэ. Билиҥҥи цифровой үйэ оҕолоро, бука, итинник сылаас тыыннаах суругу тутан көрө иликтэрэ буолуо. Ол иһин эбээ аккырыыккалары, сэдэх маркалары туттаран-хаптаран, оччотооҕу кэм тыынын илэ бэйэлэринэн билэллэригэр кыах биэрдэ. Оҕолор бу кэмнээҕи суругу тутан-хабан көрөн, бэл, кумааҕы сытын кытары ылан көрдүлэр.
Тэрээһин иккис күндү ыалдьыта — Евдокия Николаевна Малахаева. Кини комсомол билиэтин кичэйэн уура сылдьар. Ол кэмнээҕи үлэ-үөрэх күүрээннээх кэмин, эдэр саас эрчимин, бар дьоҥҥо туһалыыр баҕа санаа уотун ахтан-санаан ааста. Комсомол кэккэтигэр киирии — оччотооҕу эдэр киһиэхэ улахан чиэс, эппиэтинэс буоларын быһаарда.

Эбээлэр барахсаттар тэрээһини эрэ кэпсээнинэн муҥурдаабатылар. Кинилэр оҕолорго анаан илиилэрин сылааһынан угуттаабыт, остуол хотойорунан ас эгэлгэтин тэрийэн, сылаас чэй иһэ-иһэ сэһэргэһиини тэрийдилэр. Манна ааспыт кэм ахтылҕана, билиҥҥи олох үөрүүтэ-көтүүтэ, дьиэ кэргэн сылаас тыына барыта силбэһэн, бэрт истиҥ эйгэ үөскээтэ. Тэрээһин долгутуулаах түмүгүнэн эбээлэр «Комсомол билиэтин» туһунан ис дууһаларыттан тахсар иэйиилээх ырыаны ыллаабыттара буолла.

Оҕолор махталлара муҥура суох. Кинилэр бу күн кинигэ эрэ эридьиэһин буолбакка, эбээлэрин эдэр саастарын, төрөөбүт дойду устуоруйатын кытары билсэн, биир умнуллубат өйдөбүлү сүрэхтэригэр иҥэриннилэр. Маннык тэрээһиннэр көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөн, устуоруйаны кумааҕыттан буолбакка, тыыннаах сэһэнтэн, сылаас илииттэн иҥэринэр ураты суолталаахтар. Учууталлар, төрөппүттэр уонна библиотека үлэһиттэрэ бииргэ түмсэн, маннык кэрэ күнү бэлэхтээбиттэригэр барҕа махтал!
