
Улууспутугар ыам ыйын 7 күнэ былырыын Кыайыы 80 сылын көрсө, улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн, Аҕа дойду сэриитин уонна Анал байыаннай дьайыы толоонугар дьоруойдуу охтубут биир дойдулаахтарбытын ахтан-санаан ааһар дьоһун күммүт буолбута. Бу күн дьоруойдарбыт хорсун быһыыларын үйэтитэр, кэнчээри ыччакка дойдуга тапталы, бэриниилээх буолуу санаатын иитэр аналлаах.
Быйыл Россия Дьоруойа Алексей Рафаэлович Петров сырдык кэриэһигэр анаммыт “Дьоруой сардаҥата” акция улууспут хас биирдии библиотекаларыгар, түмэллэригэр киэҥник ыытылынна.
Ол курдук, Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа бу дьоһун тэрээһиҥҥэ “Ороһу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Антонов Анатолий Васильевич, нэһилиэк дьаһалтатын, култуура киинин үлэһиттэрэ, оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ уонна нэһилиэк общественноһа кэлэн кыттыыны ыллылар.
Анал байыаннай дьайыыга олохторун толук уурбут биир дойдулаахтарбыт, Россия Дьоруойа Алексей Петров албан ааттарын ахтан-санаан аастыбыт, сибэкки дьөрбөтүн уурдубут, сүһүөхпүтүгэр туран кэриэстээтибит.
Бу курдук дьоһуннаах тэрээһиннэр кэлэр көлүөнэ ыччакка дойдуларыгар тапталы, бэриниилээх буолуу санаатын иитэллэрэ мэлдьэҕэ суох. Өбүгэлэрбит уонна билигин да дойдуларын көмүскүү сылдьар дьоруойдарбыт хорсун быһыылара ыччакка холобур буолар.



