Минньигэстик уонна доруобуйаҕа туһалаахтык.

Саргылаах саҥа дьылбыт кэлэрэ номнуо нэдиэлэ кэриҥэ хаалла. Хас биирдии алаһа дьиэҕэ бырааһынньыктааҕы сүпсүлгэн – ким чугас дьонугар бэлэх көрдөөн лааппылары кэрийэр, ким оҕолоругар маскарад тэрийэн түбүгүрэр, саҥа дьыл иннинээҕи сууйуу-сотуу уо.д.а. киһи сүрэҕин үөрдэр тэттик түбүктэр. Онтон хас биирдии хаһаайка барыта да эрдэттэн алыптаах киэһэ чугас дьонун, ыалдьыттарын тугунан күндүлүүбүн диэн толкуйга түһэр. Саҥа дьыллааҕы остуол бүлүүдэтэ минньигэһин ааһан өссө киһи доруобуйатыгар туһалаах буоларын туһугар тугу астыыбыт?

Кыһыл балыктаах канапе:

  • кыһыл балык (форель, семга)
  • сибиэһэй оҕурсуу
  • творожнай сыыр
  • киэргэтиигэ салат сэбирдэҕэ, олива

Кыһыл балыгы, оҕурсуну, творожнай сыры шпажкаҕа тиһэбит уонна үрдүн оливаннан уонна салат отунан киэргэтэбит. Саҥа дьыллааҕы ойуулаах дьэрэкээн шпажка бүлүүдэҕит көрүҥүн өссө тупсаран биэриэ.

Ынах этиттэн ростбиф:

  • ынах этэ
  • олива арыыта
  • муора тууһа
  • тума
  • чеснок
  • розмарин (баар буоллаҕына)

Эппитин бэлэмниэхпит биир чаас иннинэ таһааран бэлэмниибит. Тууһу, пиэрэһи, туманы, чесногу уонна розмарины булкуйан бэлэмниибит уонна эппитин икки өттүттэн сотобут. Эппитин рулеттыы эрийэ тутан баран кулинарнай сабынан баайабыт. Үчүгэйдик сылыйбыт хобордооххо эргитэ сылдьан 2-3 мүн. устата ыһаарылыыбыт. Онтон туспа бүлүүдэҕэ, 160С диэри сылыйбыт духовкаҕа, чаас аҥара тутабыт. Духовкаттан хостоон баран фольганан бүрүйэн 20 мүн. туруора түһэбит.

Пекинскэй хаппыысталаах греческай салаат

  • пекинскэй хаппыыста
  • брынза биитэр фета сыр
  • 4 помидор
  • 2-3 оҕурсуу
  • минньигэс биэрэс
  • лук
  • маслина
  • олива арыыта
  • лимон
  • чеснок биир зубчик
  • базилик
  • туус

Олива арыытын, базилигы, лимон согун, чесногу барытын биир иһиккэ булкуйабыт. Фета биитэр брынза сырбытын булкуйабыт. Онтон оҕуруоппут аһылыгын биир биир кырбаан барытын холбуубут. Салаппытын оливаннан киэргэтэбит.

Куурусса эттээх уонна тэллэйдээх “Остуоруйа салаат”

  • куурусса этэ
  • шампиньон
  • икки сымыыт
  • күөх лук
  • грецкэй эриэхэ
  • мөлбө
  • туус, биэрэс
  • ыһаарылыырга мас арыыта

Куурусса этин буһарабыт уонна сымыыты эрдэттэн буһаран бэлэмниибит. Тэллэйбитин ыраастаан, синньигэстик кырбаан баран мас арыытыгар ыһаарылаан ылабыт. Бэлэм буолуон иннинэ туус уонна перец булкуйабыт. Буспут кууруссабыт этин уонна сымыыппытын соломка кына кырбыыбыт. Шампиньоммут сойбутун кэннэ кууруссабыт этин, сымыыппытын, күөх луукпутун барытын салат иһитигэр булкуйабыт. Мөлбөбүтүн уонна илдьиритиллибит грецкэй эриэхэбитин булкуйабыт.

Өрүү саҥа дьыл аайы маҕаһыынтан атыылаһыллыбыт мөлбөнү туттан хал буолбут буоллаххытына йогуртовай, иэдьэгэй, авокадолаах бэл хартыыһалаах-мүөттээх соустарынан солбуйуоххутун сөп. Бу амтаны тупсарар соустар сиһилии рецептарын кэлэр оптуорунньукка биһиги сайтпытыгар ааҕаарыҥ диэн ыҥырабыт!