Иван Еремеевич Иванов – Уйбаан Ороһуунускай

(09.08.1945-11.11.2013)

Поэт, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи,  Россия географическай уопсастыбатын чилиэнэ, Айылҕа харыстабылын туйгуна, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ,  1999 с. СР Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына.

Иванов Иван Еремеевич – Уйбаан Ороһуунускай 1945 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа «Кустук» холкуоска Дьаархан диэн алааска ааспыта. Кини төрдүс кылааска үөрэнэр сылларыттан хоһоону суруйууга холоммут, ол курдук «Маай» диэн аан маҥнайгы хоһооно «Бэлэм буол» хаһыакка тахсыбыта. 1963 с. Ваня Иванов көхтөөх юнкор быһыыттынан «Бэлэм буол» анал бирииһинэн – «Смена» фотоаппаратынан бириэмийэлэнэн турар. Суруйар талааннаах уол республиканскай конкурска «Хоннохтоох хотуурдаах уолаттар» диэн ыстатыйаннан кыттан, 3-с миэстэни ылбыта. «Костер»  сурунаал биллэрбит Бүтүн Сойуустааҕы уус-уран аймньы конкурсугар «Хаптаҕастыы сылдьан хаптарбыт»  диэн кэпсээнинэн кыттан 1 миэстэни ылан, «Орленок» лааҕырга баран сынньаммыттаах.

И.И.Аргунова «Поэзия аартыгын сандаарда» библиографическай ыйынньыгар (Үөһээ Бүлүү, 2005) суруйарынан, И.Е.Иванов- Ороһунускай – 41 кинигэ ааптара, ырыанньык бэйиэт быһыытынан 171 хоһооно ыллам ырыа буолан көппүт эбит. «Кэрэчээнэ», «Сахаайа», «Алгыстаах ырыалар»  диэн ырыанььыктар ааптардара. Маны таһынан оҕолорго анаан тэттик кэпсээннэри суруйара. Публистика жанрыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна айылҕа харыстабылын тиэмэлэригэр күүскэ үлэлээбитэ. Кини СГУ саха тылын уонна литературатын салаатыгар туттарсан киирэн, 1971 с. бүтэрбитэ. Устудьуоннуу сылдьан Е.П.Шестаков – Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара»  литературнай куруһуогар дьаныһан дьарыктаммыта. Аспирантураҕа үөрэммитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин уонна сирдэрин ааттарын дириҥэтэн үөрэппитэ. Бу хайысхаҕа икки кинигэни уонна хас да ыстатыйаны суруйбута. И.Е.Иванов үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, саха тылын уонна литературатын учууталынан, оскуола дириэктэринэн, Ньурбатааҕы драматическай театр дириэктэринэн, сопхуос профкомун бэрэссэдээтэлинэн, М.А.Алексеев аатынан Республиканскай Гимназия учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Уйбаан Ороһуунускай ааҕааччыларга ырыа анаан суруйар поэт быһыыттынан талаана, дьоҕура бэрт эрдэттэн биллибитэ. Бэйэтин баҕатын дьулуһан туран, Союзка, Аан дойдуга киэҥник сураҕырбыт норуот эмчиттэригэр үөрэммитэ. Ол түмүгэр, сахалартан бастакы Аан дойду кылаастаах магистр, норуот эмчиттэрин сойууһун чилиэнэ буолбута. Норуот медицинэтигэр ураты талаанын иһин Петр I , академиктар Иван Павлов, Владимир Вернадскай орденнарынан наҕараадаламмыта. Биоэнергетикаҕа улахан кыахтаах эмчит быһыытынан биллэрэ. Сүүстэн тахса ууга сүппүт дьону булан, 2005 с. В.А.Штыровтан «Гражданскай килбиэн» бэлиэннэн наҕараадаламмыта.