2020 сыллаахха Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө “Ороһу нэһилиэгэ Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи дьылҕата” диэн кинигэ тахсыбыта. Хомойуох иһин сорох фронтовиктар тустарынан олох кыра информация киирбит, сорохтор хаартыскалара да суох. Онон матырыйаал көһүннэҕин аайы сайтпытыгар киллэрэн, эбэн иһиэхпит. Бүгүн эһиэхэ кинигэҕэ ситэри-хотору киирбэтэх Данил Григорьевич Чарастаев туһунан 1984 сыллааҕы, селькор Егор Семенов суруйбут ыстатыйатын сайтпытыгар таһаарабыт.
ТҮӨРТ ТӨГҮЛ ӨЛӨН, ТИЛЛЭН…
Данил Григорьевич Чарастаев – Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии актыыбынай кыттыылааҕа.
Кини фашистскай Германияны кыайыы 35 сылын туолуутун бэлиэтиир үөрүүлээх күннэргэ үйэтин тухары үлэлээбит тэрилтэтигэр – Үөһээ Бүлүү лесхоһугар эдэр ыччаты кытта көрсүһэ сылдьан: “Сэриигэ сылдьыбытым туһунан кинигэҕэ суруйбуттар”, – диэн улаханнык үөрэн-көтөн туран, Д.Д.Петров “Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар” диэн кинигэтин кичэйэн суулаан сылдьарын ылан биһиэхэ аахтарбыта.
Бу кинигэҕэ суруллубутунан биһиги бары ытыктыыр Данил Григорьевичпыт Венгрия столицатын Будапеһы босхолооһун уонна Венгрия сиригэр Балатон күөл таһыгар буолбут фашизмы утары кырыктаах кыргыһыылар актыыбынай кыттыылаахтара эбит этэ.
Д.Г.Чарастаев сэриигэ сылдьыбытын туһунан кэпсээбититтэн уонна ордон хаалбыт киниэхэ баар докумуоннарынан, госпиталга сыппыт справкаларынан, Верховнай Главнокомандующай махтал суруктарыттан бу ахтыыны суруйабын.
Кини Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаламмыт сылыгар Үөһээ Бүлүү оройуонунааҕы комсомол райкомун секретара Афанасьев, Өргүөт нэһилиэгэр тахса сылдьан, комсомолец Чарастаевка Тоҥуо үрэҕэр эдэр ыччаттан биригээдэ тэринэн көмүс сууйуутугар барарыгар эппитэ. Оччолорго Үөһээ Бүлүүгэ “Восток-золото” диэн ааттаах тэрилтэ Тоҥуо сүнньүнэн ыһыллаҕас кыһыл көмүһү сууйууну ыыппыта.
Онтон 1942 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Д.Г.Чарастаев уонна кинини кытта бииргэ үлэлии сылдьар табаарыстара сэриигэ ыҥырыллан, Кэнтик нэһилиэгин дьонун кытта бииргэ хобоһон оройуон киинигэр киирбиттэрэ. Бэс ыйын 28 күнүгэр “Москва” борохуотунан Үөһээ Бүлүү биэрэгиттэн Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр Арҕаа суостаах сэрии буола турар сиригэр ыраах айаҥҥа аттаммыттара.
Онно тиийэн Чарастаев 18-с туспа хайыһар биригээдэтин 333-с стрелковай полкатыгар түбэспитэ. Байыаннай үөрэх кытаанаҕа диэн манна этэ. Байыаннай сэптэри: автоматы, гранаталары кичэйэн үөрэппиттэрэ. Гранатанан быраҕарга, автоматынан таба ытарга, илиинэн киирсиигэ, окуопаны хастыыга, аһаҕас халлаан анныгар ханнык баҕарар усулуобуйаҕа хонорго, сэрии бары ыардарын тулуйар буоларга, кытаанах байыаннай дьиссипилиинэҕэ үөрэммиттэрэ. Кыһын хастыы да хонуктаах марш-бросоктарга тревоганан туруоран илдьэ бараллара, өстөөх тыылыгар киирэн хайдах сэриилэһэргэ эрчийэллэрэ. Хайыһар биригээдэлэригэр 20-25 саастаах бары эдэр чэгиэн, чахчы доруобай, тулуурдаах Сибиир дьонун, ол иһигэр Саха сирин уолаттарын хото ылаллара.
Кинини аҕыйах сыллааҕыта фроннааҕы доҕоро С.Д.Долгунов (I Боотулуу нэһилиэгэ) көрсөн баран эппитэ: “Данил, эдэр эрдэххинэ кулахачыйан түһэн чахчы эр бэрдэ быһыылааҕыҥ”, – диэн. Кини Ильмень күөлгэ сэриилэспит этэ.
“1943 сыл олунньу бүтүүтүгэр соҕуруу Дон өрүс диэки илдьибиттэрэ”, – диэн баран ол 40-тан тахса сыллааҕыны санаан өр саҥата суох олорбохтообута уонна били уура сылдьар Д.Д.Петров “Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар” диэн кинигэтин миэхэ уунан биэрбитэ.
Онно сурулларынан, Соҕурууҥу фронт 1943 сыл от ыйын 17 күнүгэр 3 чаас 30 мүнүүтэҕэ (командующай генерал Ф.И.Толбухин) кимэн киириини саҕалаабыта. Артиллерия уонна бомбардировочнай авиация күүстээх уотунан көмөлөһүннэрэн сарсыарда 6 чаас 30 мүнүүтэҕэ өрүһү туораан өстөөх оборонатын бастакы линиятын ылбыта. Саха уола Д.Чарастаев сэриилэһэр кэмигэр барыта түөрт төгүл бааһырбыта. Госпиталлар биэрбит справкаларыттан көрдөххө 123-с, 129-с, 333-с стрелковай полкаларга сылдьан сэриилэспит. Кини бойобуой суола Молдавиянан, Тирасполь, Кишинёв куораттарынан, Бессарабиянан, Румыниянан, Болгариянан, Югославиянан, Венгриянан, Будапешт куоратынан, Балатон күөл аттынан, Австрияҕа Вена куораты ааһа баран түмүктэммитэ.
Күл-көмөр буолбут Украина сириттэн Европа аҥарын эт тилэҕинэн тэлэ хааман, хас да государство сирин уллуҥаҕынан мээрэйдээн төһөлөөх төгүл өлөр-өлүү айаҕыттан төлө түһэн, киһи кыайан кэпсээбэт эрэйин-муҥун көрсүбүтэ буолуой. Сэрии бары ыардарын эт санныгар сүксэн сардаҥалаах Кыайыы күнүн Австрияҕа Вена куорат таһыгар, госпиталга төрдүс төгүлүн хаҥас атаҕын бэрбээкэйигэр оскуолкаҕа бааһыран эмтэнэ сытан көрсүбүтэ. Бүтэһик бааһырыытын атаакаҕа киирэн иһэн, Кыайыы буолуо аҕыйах хонук иһигэр Австрия киин куоратын Венаны төһө эмэ ааһан баран, муус устар 22-с күнүгэр бааһырбыта. Бу бааһырыытынан Данил сэрии үһүс группалаах инбэлиитэ буолбута. Ол сэрии түгэннэриттэн билигин маннык кэпсиир:
– Биирдэ өстөөх буомбалааһынын бириэмэтигэр аттыбар 5-6 метрдээх сиргэ бомба түһэн өрө хороҕолоно түспүтэ. Доҕотторум нуучча уолаттара өстөөх самолёта наһаа алларааттан быраҕан эстибэтэ диэбиттэрэ. Молдавияҕа Днестр өрүһү түүн туораан иһэн өстөөх артиллерийскай уотугар түбэспиппит. Днестр кэтитэ 150 метр быһыылааҕа, икки биэрэгиттэн тимир боробулуоханы баайан баран, онтон тутуһан тардыһан уончалыы буолан эрэһиинэ тыыларга туран уонна олорон туораан истэхпитинэ өстөөх снаряда отой чугас түһэн тыыбытын түөрэ тэбэн кэбиспитэ. Өрүс сүүрүгэ түргэн баҕайы, ууга булумахтана сылдьан биирдэ өйдөөбүтүм уҥуоргу биэрэккэ отой немецтэр муннуларын анныгар тахсан хаалбыппын. Хата дьонум бары тыыннаах, сүүрүккэ оҕустаран манна тахсан сытар эбиттэр.
Түүн буолан өстөөх таба көрбөтө, бу сыттахпытына биһиги артиллериябыт чаастан ордук немец оборонатын линиятын күргүөмнээн ытта, бэйэбит снарядпыт алҕаска үлтү тэбиэ диэн биир алдьархай. Артиллерийскай бэлэмнэнии бүтээтин кытта иннибит диэки ыстанан кэбистибит уонна итиннэ өстөөх оборонатын тоҕу көппүппүт, – диэн кэпсиир Данил Григорьевич.
– Хас кимэн киирии, атаака ахсын взводтан аҕыйахтыы, биэстии-алталыы киһи эрэ ордубут буолааччы. Кыах баар буоллаҕына өлбүттэр уонна бааһырбыттар оннуларыгар саҥа дьону киллэрэн ситэрэн иһээччилэр. Уһуннук сэриилэһэммин полкам командира майор: “Саха саллаата Чарастаев тыыннаах дуо?” – диэн ыйыталаһара уонна таба көрдөҕүнэ кэлэн санныбын таптайа-таптайа: “Якут молодец!” – диэмэхтиирэ.
Сотору-сотору билиэн түбэспит немецтэри харабыллаан нуучча доҕотторбун кытары полкабыт штабыгар таһаарарбыт, онно полкам командира көрдөҕүнэ кэлэн уһуннук кэпсэтэр, ыйыталаһар буолара.
“Кырдьаҕас саллаат өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр 1945 сыл кулун тутарга Венгрия сиригэр Балатон күөл таһыгар буолбут кырыктаах кыргыһыы хаһан да сүппэттик, дириҥник иҥэн хаалбыт. Кини ити кыргыһыы туһунан маннык сэһэргиир:
– Будапеһы босхолоон баран арҕаа өссө кимэн киирбиппит. Ол иһэн Балатон күөл таһыгар тиийбиппит, манна тохтобул буолбута. Саллааттар окуопаҕа сытан бэйэбит икки ардыбытыгар сотору кимэн киирэрбит буолуо диэн кэпсэтиһэ сыттахпытына, кулун тутар 6-с күнүгэр халлаан саҥа сырдаан эрдэҕинэ өстөөх диэкиттэн сир түгэҕинэн эҥсэн биир кэм ньиргийэр тыас иһиллибитэ. Онтон туман быыһынан өстөөх танкаларын халҕаһалара иһэллэрэ ыраахтан барыаран көстүбүтэ. Өстөөх танкалара пушкаларынан ыта-ыта, пулемёттарынан саба тибиирдэн биһиэхэ улам чугаһаан кэлбиттэрэ. 300-400 эрэ метр курдук сир хаалбыта, танкалар кэннилэриттэн немец саллаатттара харааннааҕы ыам кумаарын курдук ыга анньан иһэллэрэ.
Өстөөх танкаларын, пушкаларын уонна пулемёттарын уота биһигини саба тибиирэн пехотаны өндөтөн ытар кыаҕы биэрбэт этэ. Пехотаҕа элбэх өлүү-сүтүү, алдьархай тахсыбыта, өлөр күммүт дьэ кэлбит эбит дии санаабытым. Тоҕо танкаларынан биһиэннэрэ ыппаттарый диэн кэтэһэ сатаабыппыт. Ол сыттахпытына кэннибитигэр дьэ катюшалар уоту аһаат мэлис гыммыттара, онтон биһи танкаларбыт уоту аһан ньиргийбиттэрэ. Ыыс-быдан буруо быыһынан көрдөххө биһиги туспутунан немец сүүрбэттэн тахса танката, сорох танкалар биһиэхэ ыкса чугас 50-100 метрдээх сиргэ тиийэн кэлэн бараннар умайа тураллара.
Биһиги өстөөх пехотатын автомат, пулемёт уотунан саба тибиирдэ сыппыппыт, өстөөхтөр хойуулара бэрт буолан от курдук охтоллоро. Пушкаларбыт танкалары бултаһаллара, ону тулуйбакка танкалар уонна өстөөх саллааттара төттөрү куоппутара.
Ити курдук немецтэр уон хонук устатыгар күҥҥэ үстүү-түөртүү төгүл танкалар тимир халҕаһаларынан хаххаланан биһигини төттөрү охсо сатаабыттара да, кыайбатахтара.
Биһиги артиллериябыт немец танкаларын ыкса чугас киллэрэ-киллэрэ тирээн туран кэриэтэ ыталыыра. Манна инники сытар пехота элбэх сүтүгү көрсүбүтэ. Сэрии кыратык сэллии түһэрэ, ол бириэмэтигэр тыыннаах хаалбыт уонна эбии кэлбит саллааттар сиҥнибит окуопаларбытын дириҥэтэн, сылдьыһар холлороонорбутун оҥостон лаппаакынан буору хаһан тахсарбыт. Халлаан муора таһа буолан сэллээбэккэ ардыыра, бадарааннаах буолан сотобут ортотугар, сорох сирдэргэ биилбитигэр диэри бадарааннаах ууга турарбыт. Мин сэриигэ сылдьыбытым усталаах туоратыгар бу Балатон күөл таһыгар буолбут курдук икки өттүттэн кырыктаах сэриини көрбөтөҕүм.
Кырдьаҕас буойун түөһүн “За отвагу”, “За Победу над Германией” уонна юбилейнай медаллар киэргэтэллэр. Данил Григорьевич Верховнай Главнокомандующай үс махтал суругун кичэйэн уура сылдьар. Махтал суруктары элбэхтик ылбыт даҕаны, үгүстэрэ сэрии будулҕаныгар сүппүттэр. Сэрии бүтэн эрдэҕинэ ылбыттара эрэ ордубуттар.
Данил Григорьевич тапталлаах кэргэнин Тимофеева Мария Васильевналыын 1947 сыллаахха холбоспуттара. Мария Васильевна 25 сыл устата биир сиргэ, Ороһу сельсоветыгар секретарынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Икки кыыс оҕолоро билигин бэйэлэрэ туһунан ыаллар, Валентина түөрт оҕолоох, Сунтаар Тойбохойугар олорор, юннатскай станцияҕа агрономунан үлэлиир. Лидия биир оҕолоох, Якутскай куоракка 2 №-дээх поликлиникаҕа бырааһынан үлэлиир.
Сиэннэрэ сотору-сотору күүлэйдии кэлэннэр эһэлээх эбээлэрин үөрдэллэр, ахтылҕаннарын таһаараллар. “Бу сиэннэрим уонна кэлэр көлүөнэлэр хаһан да сэрии алдьархайа диэни билбэтиннэр. Дьоллоох олох туһугар төһөлөөх сиэртибэ тахсыбыта буолуой? Киһи-аймах баарын тухары атомнай сэрии иэдээнэ буолбатын, норуоттар эйэ иһин охсуһан ити иэдээни тохтотуохтара диэн эрэнэ саныыбын”, – диир сэрии, үлэ ветерана, Европа норуоттарыгар көҥүл олоҕу аҕалсыбыт кырдьаҕас буойун Д.Г.Чарастаев.
Егор СЕМЁНОВ-Тыаһыт, селькор.
“Коммунизм сардаҥата» хаһыат, Улуу Кыайыы 40 сылын көрсө.
Муус устар 28 күнэ, 1984 с.