Ороһуга “БИБЛИОНОЧЬ” 2025 акция хайдах ааста?

Бүттүүн Россия үрдүнэн библионочь тэрээһин быйыл 14-с төгүлүн ыытылынна. Тэрээһин бэйэтин тула араас саастаах, араас интэриэстээх ааҕааччылары түмэ тардар, эдэр көлүөнэҕэ кинигэни ааҕыы суолтатын үрдэтэр, бириэмэни туһалаахтык атаарарга көҕүлүүр. Быйыл, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, “СВОИ герои” диэн теманнан 6 тыһыынча библиотека ааҕааччыларын түмэ тарта. Биһиги эмиэ онтон туора турбакка, сыл аайы буоларын курдук, акцияҕа кыттыстыбыт.

Үөһээ Бүлүүбүт улууһугар быйыл Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу сыла, ону тэҥэ 2026 сылга Ороһубут нэһилиэгэ 125-сыллаах өрөгөйүн бэлиэтиирин чэрчитинэн нэһилиэкпит историятын сырдатар, дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт остуол оонньуутун оҥордубут. Оонньуу маҥнайгы сүрэхтэниитигэр Ороһу орто оскуолатын сэттис кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Ону тэҥэ 1-гы кылаас үөрэнээччитэ Наиля Осипова эмиэ бэйэтин кыаҕын холонон көрдө. Оҕолор уонна тэрээһиҥҥэ кэлбит улахан дьон оонньууну олус сэҥээрдилэр: чахчы да бу маннык ньыма оҕо төрөөбүт нэһилиэгин историятын билэ улаатарыгар олус туһалааҕын бэлиэтээтилэр.

Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ Галина Капитоновна Котоконова реликвиялардаах “Музей в чемодане” илдьэ кэлэн бэйэтин дьиэ кэргэнин историятын кэпсээбитэ олус кэрэхсэннэ, оҕолор да, улахан да дьон олус сэҥээрэ иһиттилэр.

Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинин методиһа, уран тарбахтаах Семенова Дария Прокопьевна “Георгиевскай лентаннан” брошка оҥорорго маастар-кылаас биэрдэ. Кэлбит ыалдьыттар бары, Кыайыы күнүн көрсө, тупсаҕай көрүҥнээх ленталары оҥостон бардылар, Дария Прокопьевнаҕа олус махтаннылар.

Салгыы ыалдьыттар “Литературный фронт Победы” викторинаҕа кытыннылар, ону тэҥэ “Полевая кухня” амсайдылар уонна бары өттүк харалаах тарҕастылар.