Геннадий Бечеряков дьоро түһүлгэтэ

Сахалыы ырыаны таптаан, сэҥээрэн истэр хас биирдии Сахабыт Сирин олохтооҕо “Түннүгүм кырыалаах ньууругар, эйигин уруһуйдуубун”, “Дьол уонна сор” уонна уостан түспэт, Гаврил Николаев аар саарга аатырпыт “Туйаарыма Куотун” хайаатар да билэр буолуохтаах. Онтон бу ырыалар автордара Үөһээ Бүлүү улууһун оччугуйкаан Ороһутуттан төрүттээҕин билэллэрэ буолуо дуо?

Кулун тутар 29 кунүгэр Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинигэр РФ суруналыыстарын, РФ тылбаасчыттарын союһун чилиэнин, СӨ үтүөлээх суруналыыһын, СӨ бэчээтин туйгунун, СӨ култууратын туйгунун, “Гражданскай килбиэн” бочуот бэлиэ хаһаайынын, өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа айааччылар түмсүүлэрин чилиэнин, үгүс биллэр ырыа уонна хоһоон авторын, “Аар тайҕа” хаһыат редакторын, биир дойдулаахпыт Геннадий Петрович Бечеряковы олоҕун бэлиэ кирбиитинэн эҕэрдэлиир дьоро түһүлгэтэ – истиҥ иһирэх ахтыы тэрээһинэ буолан ааста.
Бу киэһэ “Ороһу нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин аҕа баһылыга Анатолий Васильевич Антонов дохсун ытыс тыаһа доҕуһуоллаах Геннадий Петровичка “Ороһу нэһилиэгэ бочуоттаах олохтооҕо” анал бэлиэни туттарда. Ону тэҥэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи «Култуура уонна духуобунай сайдыы департамена” анаабыт махтал суругун тиксэрдэ.

Геннадий Петрович оҕо сааһа ааспыт “Кустук” түөлбэтин дьоно чахчы кининнэн киэн тутталларын, өрүү үөрэ-көтө көрсөллөрүн, холобур оҥостоллорун туһунан истиҥ-иһирэх тылларын анаатылар уонна өйдөбүнньүк бэлэх ууннулар.

Тэрээһиммит ыҥырыылаах ыалдьыттара, Үөһээ Бүлүүтээҕи Ольга Дмитриевна Федорова аатынан киин модельнай библиотека иһинэн үлэлиир “Санаа ситимэ” литературнай түмсүү; Дмитрий Егорович Иванов – Артыыс Миитэрэй аатынан Ороһутааҕы норуот тыйаатырын “Доҕордуулар” театральнай кружок оҕолоро автор хоһооннорун ааҕан дьону сэргэхситтилэр.

Ону тэҥэ күндү ыалдьыт буолан кэлбит бэлиэ түгэҥҥэ эҕэрдэ тылларын эттилэр Мэхээс Сэмэнэп – Серкан (доҕоро, Тамалакаан нэһилиэгин сынньалаҥ киин салайааччыта, “Эргэрбит хаартыскалар” ырыа ааптара), Дмитрий Иванович Кононов (Үөһээ Бүлүүтээҕи “Чэчир” түмсүү салайааччыта) , Маргарита Николаевна Анисимова (Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат саха тылын учуутала), Галина Юрьевна Габышева (Ороһу орто оскуолатын учуутала).

Тэрээһини иилээн-саҕалаан, дьону түмэн тэрийдэ Ороһу орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, кыраайы үөрэтээччи, Геннадий Петрович бииргэ университетка үөрэммит үөлээннээҕэ Сардаана Николаевна Васильева.

Суруналыыс, суруйааччы Геннадий Бечеряков айар үлэтин уонна айымньыларын туһунан киһи эрэ истэ олоруох курдук умсугутуулаахтык кэпсээн бириэмэни билбэккэ да хааллыбыт. Тэрээһин түмүгэр биир дойдулаахпыт баҕа санаатын этэн кэлбит ыалдьыттары санааларын көтөхтө , долгутта. Сүрдээх истиҥ киэһээ ыытыллыбытыгар кэлбит дьон махтанан, бары саҥа сылаас иэйиилээх тарҕастыбыт.

Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы

сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта

Ньургуяна Ноговицына