Күүтүүлээх сааскы сынньалаҥ күннэрин дьүөрэлии Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа “Оҕо кинигэтин нэдиэлэтэ” бэрт тэтимнээхтик ааста. Ол курдук, кулун тутар 26 күнүгэр Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө «Мин саллаат сиэнэбин» байыаннай-патриотическай квест оонньуу буолан ааста. 5,6,7,8 кылаас үөрэнээччилэриттэн турар икки хамаанда араас тургутуктары аастылар. Бастакы түһүмэххэ нэһилиэк историятыттан ыйытыктар, иккискэ кроссворд, үһүскэ кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарбыт туһунан бириэмэҕэ кинигэттэн информацияны булуу, кэпсээһин. Салгыы сибиэһэй салгыҥҥа “бааһырбыт саллааты биэтэккэ тиэрдии” эстафета уонна эрдэ кинигэттэн булуллубут фронтовик дьиэтин таһыгар хаартыскаҕа түһүү, түргэнник интернет ситиминэн ыытыы. Түмүктүүр түһүмэҕинэн култуура киинигэр строевой хаамыы буолла. Оҕолор бары ыйыллыбыт сорудахтары эҥкилэ суох толорон, сэмэй бириистэри ылан, элбэх саҥаны билэн-көрөн тарҕастылар. Күрэхтэһии түмүгүнэн доҕордоһуу кыайда.








Аныгы оҕоҕо кинигэни ааҕарга хайдах уһуйабыт? Уу сахалыы тылынан хайдах кэпсэтэргэ үөрэтэбит? Бу хас биирдии кэриэтэ эдэр ыалга турар сытыы боппуруос буолар. Оҕо кинигэтин нэдиэлэтин чэрчитинэн эдэр төрөппүттэргэ аналлаах “Оҕону ааҕыыга уһуйуу” төгүрүк остуол буолан ааспыта. Санатар эбит буоллахха иллэрээ сыл К.С. Чиряев аатынан этнопедагогика киинигэр “Эдэр ийэ кыһата” диэн холбоһуктаах бырайыакпыт үлэлээн иһэн төрөппүт иллэҥэ суоҕуттан уостан хаалбыта хомолтолоох. Ол үтүө саҕалааһыны сөргүтэр сыаллаах бүгүҥҥү көрсүһүү буолан ааста. Этнопедагогика киинин библиотекаря Павлова Таисия Петровна бэйэтин дьиэ кэргэнин уопутуттан билиһиннэрдэ. Кинигэ, уус-уран айымньы оҕоҕо хайдах курдук сабыдыаллааҕын кэпсээтэ. Ордук орто сүһүөх кылаас оҕото НПК-ҕа бэлэмнэнэригэр информацияны сөпкө аттаран булара бэлиэтэннэ. Кэлбит төрөппүттэр оҕону ааҕыыга хайдах интэриэһи тардар ньымалары, саҥа тахсыбыт оҕо литературатын, сурунааллары кытары билистилэр. Төрөппүттэр бэйэлэрэ бэлиэтииллэринэн, оҕону гаджеттан тутулуктаах буоларыгар пандемия кэмэ сытыытык оҕуста дииллэр. Уу сахалыы “ийээ”, “аҕаа” диэн төрөппүтү ааттыыр хайдах курдук сүрэҕи-быары ортотунан ааһарын, оҕо эрдэҕинээҕи бэйэлэрин холобурдарын кэпсэттилэр. Бэрт интэриэһинэй уонна ис хоһоонноох кэпсэтии буолан ааста.


Кулун тутар 27 күнүгэр К.С. Чиряев аатынан этнопедагогика түмэлигэр үс библиотека (оскуола, музей, нэһилиэк) холбоһуктаах, сылын аайы ыытыллар “Ааҕар дьиэ кэргэн” күрэх буолан ааста. Күрэхпитигэр Ороһу орто оскуолатын алын кылааһын үөрэнээччилэрин уонна төрөппүттэрин үс хамаандата кытынна. Маҥнайгы кылаастан Розалия уонна Сулус Акимовтар, Павел уонна Дария Семеновтар. Төрдүс кылаастан Камилла уонна Ньургуяна Ноговицыналар кииристилэр. Түөрт түһүмэхтэн турар араас тургутуктарга оҕо төрөппүтүнээн биир киһи курдук түмсүүлээхтик кытыннылар. Остуоруйа алыптаах дойдутуттан ыйытыктары Ноговицыннар дьиэ кэргэннэрэ “хаардыы хааман” аастылар. Оҕо эппит түөрт тылыттан түөрт строкалаах хоһоону Д.Е. Иванов – Артыыс Миитэрэй аатынан норуот тыйаатырын режиссера Розалия Леонидовна олус диэн хомоҕойдук хоһуйда. Онтон Дария уонна Павел Семеновтар ребустары бэрт сымсатык таайдылар. Күрэҕи сыаналаатылар музей представителя Марфа Капитоновна Васильева уонна нэһилиэк библиотекатын представителя Екатерина Константиновна Котоконова. Күрэх түмүгүнэн “Хомоҕой хоһоонньуттар” номинацияны Акимовтар, “Тобуллаҕас толкуйдаахтар” Семеновтар уонна “Кылаан чыпчаал” номинацияны Камилла, Ньургуйаана Ноговицыналар ыллылар. Бары кыттааччылар кыракый да буоллар өттүк харалаах, үгүс саҥа билиилээх уонна бэртээхэй настырыанньалаах тарҕастылар. Күрэх тэриллэн ыытылларыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбут маҥнайгы кылаас классоводугар Лена Васильевна Даниловаҕа барҕа махаталбытын тиэрдэбит! Оҕо уонна төрөппүт бииргэ алтыһыыта аныгы тэтимнээх олохпутугар дириҥ суолталаах буоларын бары бука диэн өйдүөхтээхпит, сыаналыахтаахпыт.

Оҕо кинигэтин нэдиэлэтин түмүктүүр тэрээһининэн “Книжное ГТО-2025” мүнүүтэҕэ ааҕыы күрэҕэ буолла. Оскуола орто сүһүөҕүн үөрэнээччилэрэ сахалыы уонна нууччалыы тиэкистэри мүнүүтэҕэ аахтылар. Ол курдук саамай элбэх тылы ааҕан бэһис кылаас үөрэнээччитэ Марина Лаптева маҥнайгы миэстэни ылла. Мүнүүтэҕэ ааҕыы болҕомтолоох буоларга, дикцияны тупсарарга уонна биллэн турар кругозору хаҥатарга туһалыыр. Субу курдук Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека кыракый ааҕааччылара уонна төрөппүттэрэ сааскы сынньалаҥ кэмин библиотекаҕа туһалаахтык атаардылар.

