


Бүгүн, Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотекаҕа бүтүн Россиятааҕы “Кыайыы түннүктэрэ ” акцияҕа кыттыһан Ороһу орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн библиотека түннүктэрин бэйэлэрэ оҥорбут открыткаларынан уонна эйэ холууптарынан киэргэттилэр. Библиотека истиэнэтигэр ону тэҥэ, улуу сирдьиппит И.В.Сталин уонна Улуу Кыайыы маршала Г.К.Жуков мэтириэттэрэ ыйаннылар. Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит истиэнэбитигэр “Күбэйэ” эбээлэрэ кэлэн эйэни түстүүр ырыаны күргүөмүнэн өрө көтөҕүүлээхтик ыллаатылар.