Тыл, сурук- бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин.

“Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ ( Н.В.Котоконова) уонна Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай библиотека ( Саввинова М.А.) көҕүлээһиннэринэн Саха тылын күннэрин чэрчитинэн Ороһу нэһилиэгэр тэрээһин буолла.

 Түөлбэҕэ санааларын сурукка тиһэр айар дьоҕурдаах дьон тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыттара дьоһуннаах.” Саҥа Кустук” түөлбэттэн Евдокия Николаевна Малахаева сиэнэ Айсена Малахаева суруйбут остуоруйатын ис  хоһоонун арыйан көрдөрдүлэр” Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө ,ону тэҥэ   Евдокия Николаевна ” Санааларым ”  хоһооно бэйээт В.Ф.Гольдеров – Ороһу Уола оҕолоро Ньургун Васильевич,Саргылаана Васильевна ,сиэнэ Айсена педагогическай үлэ бэтэрээнэ,Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Е.А.Егорова анал бириистэринэн,Александра Васильевна Борисова ” Кустук”, “Сайын” хоһоонноро бэйээт И.Е.Иванов – Ороһуунускай оҕолоро Тюркана Ивановна ,Гуннара Ивановна анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.” Илин ” түөлбэттэн педагогическай үлэ бэтэрээнэ Александра Адамовна Павлова ” Күүһүрдүү бэлиэтэ” үгэтин түөлбэ олохтоохторо С.Н.Васильева,С.А.Осипова,Р.Л.Акимова туруордулар.”Илин Эбэ” түөлбэ ” Ленин ” уордьаннаах ыанньыксыт,бэйэтин кэмигэр сцена бэтэрээнэ Христина Михайловна Антонова  кыыһа К.К.Афанасьева анал бирииһинэн,Наталья Алексеевна Саввинова ” Олох туһунан”,” Оҕо сааһым Кустуга”,”Хатыламматын  хааннаах сэрии” хоһоонноро педагогическай үлэ бэтэрээнэ,Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо К.В.Борисова анал бирииһинэн наҕараадаланнылар.”Атах ” түөлбэттэн “Санаа ыллыгын устун” кинигэ ааптара Светлана Давыдовна Дуранова “Эдэр дьон  олоҕун түстээн” хоһоонун  А.Д.Егорова,Владимир Тимофеевич Николаев  ” Ыйдаҥа түүн” хоһоонун Д.П.Семёнова аахтылар.”Атах” түөлбэ С.Д.Дуранова  оҕолорун Туйаара Николаевна,Сандаара Николаевна анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.Бирииһи туруорбут биир дойдулаахтарбытыгар  махталбытын тиэрдэбит

  Ороһу. нэһилиэгин тэрилтэлэрин кэллэктиибэ,” Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ олохтоох бэйээттэр хоһооннорун бары бииргэ ааҕаннар сөхтөрдүлэр да,үөртүлэр да.

  Библиотекарь Марианна Афанасьевна ” Тута хоһуйуу ” диэн күрэх ыытан,бастакы миэстэни А.В.Борисова,иккис миэстэни Авелия Кириллина,үһүс миэстэни Г.А.Павлова ыланнар Добун суругунан бэлиэтэннилэр.

 Ити курдук,сахабыт тыла баайын,киһи өйүгэр -санаатыгар чугаһын Ороһу олохтоохторо итэҕэттилэр!