Бэҕэһээ, олунньу 2 күнүгэр Ороһутааһы модельнай библиотекаҕа, Ороһу орто оскуолатыгар өр сылларга нуучча тылын уонна литературатын учууталынан айымньылаахтык үлэлээбит Павлова А.А. аатынан юбиляр суруйааччылар Борис Астафьев, Иван Крылов айымньыларын дорҕоонноохтук ааҕыыга оскуола оҕолоругар күрэх буолла. Кыттыбыт оҕолор суруйааччылар айымньыларын олус кыһаллан, иэйэн туран аахтылар. Ветеран учуутал Павлова А.А. күрэххэ призовой фонданы харчыннан туруорда. Бу тэрээһини нуучча тылын учууталлара иилээн – саҕалаан үрдүк таһымнаахтык ыыттылар, оҕо кинигэни сөбүлээн ааҕарыгар кыым сахтылар.
