Ороһу нэһилиэгэр ППМИ хамсааһына

“Ороһу нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата ППМИ хамсааһыныгар 2018 сылтан кыттыыны ылар. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн санааннан салайтаран Ороһуга Александр Кузнецов аатынан спортзал ремоннанна, Кыайыы площада үлэҕэ киирдэ, 2020 с. Советская, Центральная, 2021 с. Нукутта, Захарова, Харлампьева уулуссалар суоллара оҥоһулунна, водопровод киллэрээһинэ маҥнайгы этаба ыытылынна, иккис этабын дьаһалта бэйэтин күүһүнэн оҥортордо. Эһиил, 2024 сылга водопровод тардыллыытын үһүс этабын үлэтин үбүн ППМИ-гэ киирсэр былааннаахтар. Барыта этэҥҥэ табыллан олоххо киирдэҕинэ бүттүүн нэһилиэк сайын водопровод уутунан хаарчыллыа этэ. Бу сайын бэйэбит олохтоох эр дьоммут водопровод үлэтигэр күүскэ ылсан үлэлэстилэр, кинилэргэ нэһилиэнньэ махтала улахан. Быйылгы ППМИ хамсааһынын аһаҕас куоластааһыныгар барыта 324 нэһилиэк олохтооҕо кытынна, водопровод киирэрин иһин 273 киьи куоластаата. Олохтоох хамсааһыны үбүлүүр бырайыак тулалыыр эйгэҕэ туһалаах буоллаҕына эбии 100 балл эбиллэр диэн үөрүүлээх сонуну истэн, дьаһалта үлэһиттэрэ туох баар ирдэнэр докумуоннары бэлэмнииллэр. Санатар эбит буоллахха, бу аҕыйах хонуктааҕыта “1000 дворов” Уһук Илиҥҥи регион федеральнай прогамматыгар кыайан нэһилиэкпитигэр “Народнай поэт, фронтовик Петр Тобуроуоков аатынан мини-парка” үөрүүлээх арыллыыта буолбута. Нэһилиэкпитигэр бу маннык чаҕылхай бырайыактар олоххо киирэ тураллар, онон дьон-сэргэ санаата көтөҕүллэр, инникигэ эрэлэ үксүүр.

Жанна Иванова