“Олох оскуолата” тэттик сериал иккис чааһа уһуллан саҕаланна.

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕыттан төрүттээх, Саха Народнай суруйааччыта Золотарев Н.Г. – Николай Якутскай сэтинньи 22 күнүгэр 115 сааһын туолар.

Оҕо сааспытыгар Николай Якутскай “Ойуур оскуолата”, “Биирдии остуоруйа”, “Сэрэхтээх Сэмэликээн”, “Олох оскуолата” уо.д.а. кинигэлэрин уларсыһа сылдьан ааҕарбыт, ис хоһоонун кэпсэтэрбит, санаа атастаһарбыт.

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека, “Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕө бу сааскыттан Николай Якутскай “Олох оскуолата” кинигэтинэн тэттик киинэ устан, ыам ыйын 27 күнүгэр сүрэхтээбиппит.

Эрдэ “Сырдык суолга киирии”, “Дөлөкөй күөл үрдүгэр”, “Эһэм кэпсиирэ”, “Кэҕэни үтүктэн кэһэйбитим”, “Дьүкээбил уота” диэн кэпсээннэринэн устубуппут. Күн бэҕэһээ “Маҥнайгы сааланыы”, “Үөрэх бастакы күнэ” уонна “Буруйданыы” кэпсээннэригэр олоҕуран салгыы уһуллубут. Тэттик киинэлэри Николай Якутскай төрөөбүт алааһыгар Дөлөкөйгө, олорбут дьиэтигэр (билигин музей буолан турар) уонна Харбалаах орто оскуолатыгар уһуллубут.

Сүрүн оруолларга: Николай Якутскай оҕо сааһын Ороһу орто оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччитэ Сергей Исаков, эбээтин, Сөдүөрэ эмээхсини, Д.Е. Иванов – Артыыс Миитэрэй аатынан народнай театр артыыһа Екатерина Алексеевна Туралысова, учууталы Харбалаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Алмаз Николаев, Митяны алтыс кылаас үөрэнээччитэ Арылхан Брощев, үөрэнээччилэри үһүс, төрдүс кылаас уолаттара оонньоотулар.

Тэттик киинэ устуутугар көмөлөспүт И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннай түмэл үлэһитэ Евдокия Павловна Семеноваҕа дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Хаар түстэҕинэ салгыы устардыы сүбэлэһэн кэллибит.

“Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕүн салайааччыта

Михайлова Нина Никитична