Самаан сайын устата хас биирдии Далбар Хотун тэлгэһэтигэр оҕуруот аһын арааһын олордон чугас дьонун маанылыыр, сибэкки сиэдэрэйинэн симээн дьон хараҕын манньытар. Ол курдук, Сир Ийэ Хотун кута – Орто Дойдуга кэрэ аҥаар нөҥүө бэйэтин силигилиир күүһүн биэрэн кэлэр кэнэҕэски ыччакка кэскили түстүүр.
Балаҕан ыйын 23 күнүгэр, Гаврил Николаев аатынан Ороһутааҕы сынньалаҥ киинигэр, “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн олус сэргэх тэрээһин буолан ааста. Чахчы да бу күһүҥҥү нуурал киэһэҕэ хас биирдиибит күлүм аллайан, күннээҕи түбүктэн сынньанан, сэргэхсийэн тарҕастыбыт.
Быйыл сынньалаҥ киинигэр уйулҕа чинчийээччитэ, дьиҥ сахалыы итэҕэли куттуун-сүрдүүн илдьэ сылдьар Анна Артуровна Иванова кэлэн үлэтин-хамнаһын бэрт сэргэхтик саҕалаата диэн нэһилиэк олохтоохторо бэлиэтииллэр.

Тэрээһин айылҕа биир ураты күнүгэр – күһүҥҥү күннээх түүн тэҥнэһиилэрэ (осеннее равноденствие) кэмигэр ыытылынна. Бу мээнэҕэ буолбатах – өбүгэлэрбит бу күннэргэ сайылыктан кыстыкка көһөллөрө, үгүс норуот бүтэһик оҕуруоту хомунан сандалы маанытын тардан бэйэ бэйэлэригэр ыалдьыттаһаллара, уруу киэһэлэрэ тэриллэллэрэ, дьон-сэргэ Ийэ айылҕаҕа сүгүрүйэллэрэ, кыһыны кыстыырга күүс-сэниэ ылынар кэмнэрэ этэ. Ол үгэстэн сиэттэрэн тэрээһиммит уотунан арчыланааһынтан саҕаланна: хас биирдии дьоро киэһэ кыттыылааҕа сиэл ылан уот иччитин күндүлээтэ, баҕа санаатын эттэ.


Быйыл түөлбэлэр үлэлэрин сөргүтүөххэ, дьону-сэргэни күргүөмүнэн түмүөххэ диэн сыаллаан-соруктаан бастакы тэрээһин түөлбэлэринэн ыытылынна. Эрдэ барбыт балаһыанньа быһыытынан хас биирдии түөлбэ күһүҥҥү быйаҥ мааны сандалытын, тупсаҕай фото-зона уонна бөдөҥ, дьикти оҕуруот аһын көрүҥнэригэр күөн көрүстүлэр.



Салгыы дьоро киэһэ кыттыылаахтара күһүҥҥү мааны сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэттилэр, санаа атастастылар.






Нэһилиэк баһылыга Антонов А.В. күһүҥҥү дьоро киэһэнэн эҕэрдэлээтэ уонна хаһааҥҥытааҕар да быйыл өлгөм сайын буолан – хас биирдии чааһынай хаһаайыстыба оту хото оттоото, оҕуруот да аһын элбэҕи ыллыбыт диэн бэлиэтээтэ. Нэһилиэккэ бара турар тутуулары сырдатта, саҥа үлэһиккэ ситиһиини баҕарда.

Оҕуруотчут Екатерина Федотовна Никонова сибэккини хайдах көрөн-харайан үүннэрэри сүбэлээтэ уонна ону тэҥэ оҕуруокка туттуллар араас албастары кэпсээтэ.

Кыһыҥҥы хаһаас, кэнсиэрбэлээһин туһунан Екатерина Алексеевна Туралысова сырдатта.





Кэрэ-мааны Далбар Хотуттарбыт чахчы да кэрэни кэрэхсиир, саҥа кэми кытары тэҥҥэ хардыылыыларын туоһута – бу тупсаҕай көрүҥнээх фото-зоналар. Киэһэ халлааммыт хараҥарбытыгар араас дьэрэкээн уотунан симэммит фото-зоналар өссө эбии тупсан, киэркэйэн көһүннүлэр. Бу кэрэ көстүү, санааҕа сөҥөн хаалан, кыһыҥҥы киэһэлэргэ сылааһынан илгийиэ диэн саарбахтаабаппын.






Жюри сыаналаабытын түмүгүнэн:
1м. – “Илин-Эбэ” түөлбэ
2м. – “Нукутта” түөлбэ
3 м. – “Саҥа Кустук” түөлбэ
4 м. – “Атах” түөлбэ ыллылар.
Субу курдук сэргэх, түмсүүлээх дьоро киэһэлэр нэһилиэкпитигэр өссө да буола турдуннар диэн санаалаах үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
“Дьахтар быттанар” күннэрэ диэн норуокка ааттанар – Килбик Кэрэ Хотун мичээринии күһүҥҥү күлүм күннэр тураллар. Чахчы да бу күннэргэ хас биирдии ыал ийэтэ кыстыкка бэлэмнэнэн хаһаас оҥостор, дьиэ кэргэнин кыстык таҥаһын бэлэмниир, санаатын сааһылыыр кэрэ-бэлиэ кэмнэрэ.
Жанна Иванова
Уйбаан Ороһуунускай аатынан
Ороһутааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ