Уйбаан Ороһуунускай бибилэтиэкэтигэр “Библионочь 2023” тэрээһин

Бүттүүн Россия үрдүнээҕи библиотека күнүн ыам ыйын 27 күнүгэр Россия маҥнайгы президенэ Борис Ельцин көҕүлээһининэн 1995 сылтан бэлиэтиибит. Бу бэлиэ күн дойдубутугар наука, үөрэҕирии уонна култуура сайдыытын кэрэһэлиир.

Сылын аайы библиотека күнүн көрсө 12-с төгүлүн дойдубут үрдүнэн “Библионочь” акция ыытыллар. Акция сыала соруга: библиотека аҥардас кинигэ эрэ уларсарга аналлаах буолбатаҕын, эбиитин бу дьону түмэр, саҥа сатабылы, билиини ылар сир буоларын мэктиэлиир тэрээһин.

Тэрээһини библиотека сэбиэдиссэйэ Жанна Семёновна Иванова эҕэрдэ тылынан наҕараадалааһынан саҕалаата. Ол курдук ,“Саҥа ааҕааччы” бырайыак чэрчитинэн быйыл кырачаан дьону күн сирин көрдөрбүт Бюлтясовтар, Будищевтар, Яковлевтар уонна Анисимовтар дьиэ кэргэннэригэр “Маҥнайгы кинигэм” (“Книжное приданое”) бэлэх кэмпилиэги үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Кэмпилиэк эҕэрдэ суруктан, оҕону сайыннарар хартыынаттан уонна Дмитрий Федосеевич Наумов спонсордаабыт Петр Тобуроков “Чабырҕах азбука” саҥарар кинигэтиттэн турар.

“Библионочь” тэрээһин ыытылларыгар бирииһинэн спонсордаан Ороһубут нэһилиэгин тэрилтэлэрэ күүс-көмө буоллулар: олохтоох дьаһалта, оскуола-уһуйаан кэллэктиибэ (сал. Никонов П.У, Дордосова Л.В.), ОДьКХ кэллэктиибэ (учаастак маастара Котоконов В.К., слесарьдар Руфов Дмитрий, Янков Александр), этнопедагогика киинэ (директор Васильева Р.А.), Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинин кэллэктиибэ (директор Захарова М.С.), “Сарыал” маҕаһыын (урбаанньыт Захарова Ольга Петровна). Ону таһынан биирдиилээн дьон: Михайлова Нина Никитична, Иванова Жанна Семеновна.

Ульяна Федоровна Гольдерова “У меня есть хобби” оҕо коллекциятын быыстапкатын бүүс бүтүннүү бэйэтэ бириис туруоран, сыаналаан, бэйэтин коллекциятын быыстапкалаан иилээн-саҕалаан ыытта.

Былырыыҥҥаттан саҕалаан үгэскэ кубулуйан эрэр булугас өйдөөхтөр күрэхтэригэр Алексей Агитович Павлов “Ороһу хоһууннара” хамаандата эрэллээх кыайыыны ылан быйылгы оонньууга кыттар чиэһи ылбыттара (“Оскуола кыргыттара” хамаанда утары киирсиигэ). Оонньуу былырыын викторина халыыбынан икки хамаандаҕа ыытыллыбыт буоллаҕына, быйыл “Что? Где? Когда?” күөх экраҥҥа көстөр биэриигэ олоҕуран ыытылынна.

Эрдэ 20-чэ араас тиэмэлээх боппуруос бэлэмнэниллибитигэр сорох кэмбиэригэр харчылаах эбит. Уопсайа 12 боппуруос оонньонно. Быраабыла быһыытынан хамаанда биир мүнүүтэ иһигэр сөптөөх эппиэти тобулуохтаах, ону таһынан үс мүнүүтэ эбии ылыан сөп. Кыттааччылар боппуруоһу таайбат түнэннэригэр көрөөччүлэр эппиэттээн харчылаах кэмбиэри ылар кыахтааахтар.

Тыҥааһыннаах оонньуу түмүгүнэн Семен Прокопьев “Лучший игрок” аатын ылла, бирииһинэн наҕараадаланна. Оонньоочулар да, көрөөччүлэр да сонун оонньууну олус сэргээтилэр. Бу маннык халыыбынан ыытыллар оонньуу салгыы өссө хас да хамаанданы эбэн ыытыллара кэскиллээҕин бэлиэтээтилэр.

Уйулҕа чинчийээччитэ, МГУ аспирана Анна Артуровна Иванова “Пустыня” диэн психологическай тренинг ыыппытыгар оҕолуун улаханныын бары көхтөөх кыттыыны ыллылар, бэйэлэрин ис кыахтарын биллилэр.

Саха народнай суруйааччыта, саха норуотун олоҕун энциклопедията буолбут “Төлкө” роман ааптара, биир дойдулаахпыт Николай Якутскай быйыл төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтиибит. Жанна Семеновна Д.Е. Иванов аатынан Ороһутааҕы народнай тыйаатыры, “Иэйиэхсит” оҕо түмсүүтүн кытары кыттыһан суруйааччы оҕо сааһын кэпсиир “Олох оскуолата” сэһэнигэр олоҕуран тэттик сериал устуохха баар эбит диэн этиитин ылынаммыт быйыл кулун тутар ыйтан саҕалаан устан барбыппыт (https://vk.com/wall-219980439_55). Сүрүн оруолу Николай Якутскай оҕо эрдэҕинээҕитин, Быытык Ньукулайы, Ороһу орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Сережа Исаков толордо. Бииргэ төрөөбүттэрин Слава Павлов, Максим Иванов уонна Миша Лаптев оонньоотулар. Николай Якутскай эһээтин Нөҥнөйөн – Николай Солотуурап уонна ааптар куолаһын сцена ветерана, “Улуус култууратыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына Петр Романов толордо, эбээлэрин Сөдүөрэ эмээхсини сцена ветерана, “Улуус култууратыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката Екатерина Туралысова итэҕэтиилээхтик оонньоото. Слава Павлов ыта Буойун маҥнайгы серияҕа уһуллан баран ,”бэйэтэ баҕатынан” бүтэһик устууга эмиэ барсан кадры киэргэттэ. Сериал аҥардас артыыс эрэ оонньооһунунан муҥурдаммакка ойуулук кыбытыктаах буолла. Уруһуйдары Ороһу орто оскуолатын алтыс кылаас кыргыттара Алина Тарасова, Арчылаана Васильева, Юлия Кондакова уонна Сайаана Колосова оҥордулар. Сценарист, режиссер, оператор уонна монтаж – Жанна Иванова.

Маҥнайгы сценалары “Ат Көлүйэ”  алааһыгар кулун тутарга устубуппут, кэлин балаҕан иһинэн, таһынан сылдьан, бүтэһик устуубут ыам ыйыгар “Абалаах” алааска ааспыта.

Премьерабытын библиотека күнүн көрсө “Библионочь” тэрээһинигэр көрдөрүөхпүт диэн былааннаабыппытын хата бириэмэтигэр ситэн көрөөччүгэ таҕыста. Библиотека экраныгар оҕо, улахан дьон мустан сериалбытын сүрэхтээтибит. Киинэ кэннэ фуршет кэмигэр кэлбит ыалдьыттар, оҕолор киинэ тула санаа үллэһиннилэр, Доминика Семеновна бэлэхтээбит минньигэс тордунан күндүлэннилэр. Ороһу орто оскуолатын саха тылын учуутала Люция Петровна Кондакова: “Николай Якутскай “Олох оскуолата” диэн айымньытын оҕолор олус сөбүлээн ааҕаллар. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии саха оҕотугар чугас, сахалыы эйгэлээх, иитэр уонна үөрэтэр суолтата олус улахан. Хас биирдии оҕо айымньы геройугар бэйэтин майгынната көрүөн сөп. Оҕо тулалыыр эйгэни ураты хараҕынан көрүүтүгэр норуот тылынан уус-уран айымньыта улахан суолталаах.”, – диэн санаатын эттэ. Бэһис кылаас  салайааччыта Сардаана Алексеевна: “Ороһутааҕы Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельный библиотекаҕа бэртээхэй тэрээһин ыытылынна. “Иэйэхсит” оҕо тэрилтэтин кытары үлэлэрин түмүгүнэн Николай Якутскай айымньытынан “Олох оскуолатын” кэрчик киинэлэри устан көрдөрдүлэр. Бу киинэ эйгэтигэр бастакы холонуу диэтэххэ, сүрүн уонна быстах оруолларга оонньообут оҕолор турукка киирэн толорбуттара олус итэҕэтиилээх буолла. Үлэ искусство хас да көрүҥүн холбуу тутан таҥыллыбыт. Манна оҕолор уруһуйдарынан мультиктар, уус-уран ааҕыы хоһулаһан киирбит. Саамай үөрүүлээҕэ оҕолор санааларын ууран толорбуттара уонна онтон дуоһуйууну ылбыттара буолар. Николай Якутскай оҕо-аймах дууһатыгар ийэлии-аҕалыы сылаастык илгийэр, истиҥник иэйэр ураты айымньылардаах. Бары кыттыбыт, үлэлээбит коллективка махтал, өссө да айымньылаах үлэни, ситиһиини. Дөлөкөй алааһыгар хайаан да баран быытыкаан Быытык аан маҥнай эҕэрийбит салгынынан тыынан, аан маҥнай сүүрбүт – көппүт кырыһынан сүүрэн-көтөн кэлэргитигэр базарабын.”,- диэтэ. Алтыс кылаас  салайааччыта Татьяна Федоровна оҕолорун үлэтин олус диэн хайҕаата, өссө да инниктин элбэҕи ситиһэллэригэр алҕаата уонна кылаас аатыттан олус үчүгэй бэлэх туттарда.

Кыраайы үөрэтээччи, Ороһу орто оскуолатын нуучча тылын учуутала Сардаана Николаевна Васильева: “Ороһуга оскуолабытын бүтэрбит Жанна Семеновна учууталынаан Нина Никитичналыын айымньылаахтык үлэлии сылдьарыттан бары астынабыт. Ол курдук бу тэрээһиҥҥэ “Олох оскуолата” оҕолорго сэһэнинэн тэттик киинэлэри устубуттарын көрдүбүт. “Иэйиэхсит” оҕо тэрилтэтигэр дьарыктанар уолаттар киинэҕэ аан бастаан уһуллубуттарыттан олус үөрбүттэр уонна долгуйбуттар. Кинилэр ааспыт үйэ оҕолорун оонньоон элбэҕи билбиттэр, сөхпүттэр. Алтыс кылаас кыргыттара киинэҕэ ойулук киллэриллибитигэр уруһуйдаабыттар. Эдэр худуоһунньуктар уруһуйдара дьэрэкээн ойулук буолан тахсыбытын көрөн бэйэлэрэ да соһуйбуттар. Сүрүн оруолга Исаков Сережа норуот суруйааччытын кыра эрдэҕинээҕитин оонньообута олус итэҕэтиилээх буолла. Д.Е.Иванов аатынан норуот тыйаатырын артыыстара Екатерина Туралысова уонна Петр Романов уһуллууга кыттаннар бу киинэни киэргэттилэр. Кинилэр саҥа артыыстарга үчүгэй үөрэҕи ыыппыттара саарбаҕа суох.
Н.Якутскай төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан оҥоһуллубут тэттик киинэлэр салҕаналлара күүтүллэр. Оҕолор уонна салайааччылар туруорунар соруктара киэҥ-куоҥ. Барыларыгар көрөөччүлэр махталларын ытыс тыаһынан тириэртилэр. Бу устуу барыларыгар олох оскуолата буолан элбэххэ үөрэппит”.

Бука бары библиотека тех үлэһитэ Котоконова Екатерина Константиновна тэрийбит остуолун тула, итии үүттээх чэй иһэ иһэ санаа атастастыбыт, инникини торумнаатыбыт. Баҕар табыллар буоллаҕына, “Олох оскуолатын” иккис сезонун бу күһүҥҥэттэн саҕалаан устуохпут диэн тарҕастыбыт. 

Тэттик сериал кэлэр нэдиэлэттэн көрөөччү киэҥ араҥатыгар библиотека сайтыгар тахсара күүтүллэр.

Сити курдук библиотека күнүн көрсө ыытыллыбыт “Библионочь 2023” тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, араас араҥа нэһилиэк олохтоохторун хабан ыытылынна. Бу мантан көстөр – библиотека аҥардас кинигэ эрэ уларсар сир буолбатаҕын, саҥа билии, көхтөөх сынньалаҥ, кыраайы үөрэтии килбэйэр киинэ буолара.

“Иэйиэхсит” оҕо бөлөҕүн салайаачыта

Михайлова Нина Никитична