Муус устар 26 күнүгэр Россия үрдүнэн “Учуутал уонна уһуйааччы”, Саха Республикатыгар “Үлэ” сылларын уонна Республика күнүн көрсө Ороһу орто оскуолатын оҕолоро араас хайысханан “Сатабыл” мастер кылаастарга дьарыктаннылар.
Оҕолор араас түһүлгэннэн ким ас астыырга, уһанарга, уруһуйдуурга, иистэнэргэ, бэйэни тупсарынарга уһуйулуннулар. Онтон Уйбаан Ороһуунускай аатынан библиотекаҕа оҕолор хаартыскаҕа түһэрии умсугутуулаах эйгэтин кытары билистилэр.


Мастер-клаһы иилээн-саҕалаан ыытта Ороһу орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, иллэҥ кэмигэр хаартыскаҕа түһэриинэн умсугуйан туран дьарыктанар Васильева Сардаана Николаевна.




Объектив сүрүн “дьоруойдарынан” бу күҥҥэ оҕолор уонна кинигэлэр буоллулар. Оҕолор кинигэни туспа бэйэтин натюморт быһыытынан, тутан туран уонна уотун-күөһүн уларытан түһэрдилэр. Библиотека күнүн көрсө оҕолор үлэлэрин галерея оҥоруох буолан тарҕастыбыт.
Жанна Иванова.