Саха норуотун талааннаах поэта, прозаига, тылбаасчыта, народнай суруйааччы, СР уонна РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү, Орто Халыма улуустарын, Тамалкаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Титович Руфов төрөөбүтэ өрөгөйдөөх 95 сылын ахсынньы 9 күнүгэр ыҥырыылаах ыалдьыттар, Ороһу нэһилиэгин оскуолатын үөрэнээччилэрин, учууталларын, нэһилиэк олохтоохторо кыттыылаах бэлиэтээтибит.