Туораахтана көтөр Туочука

Точка – туочукатын аанььа туочука, туочука курдук кыра маҥан түөрт атахтара хара туйахтардаахтар, үчүгэйдик өйдөөн көрдөххө, түөрт атаҕын тыстара толбоннура оонньуур өҥнөөх, үкчү Мохтуйа атын маарынныыр эмиэ чахчы кыанар сылгы төрөөн-үөскээн аспыта.

Бэрдин бэрт курдук 1984 с. ыһыаҕар бастакы холонуутуттан Бараахап совхоз зачетугар киирсэн 2400 м. дистанцияҕа 4 мүн. 3 сөк. Кэлэн чемпион бочуоттаах аатыттан саҕалыыр, уонна 1993 сылга дылы тэппит атаҕын кубулуппакка, түөрт атахтааҕы иннигэр түһэрбэккэ сылдьан пенсияҕа атаарыллыбыта. Атаарыы Улгумдаҕа мустубут ыһыах дьонун ортотугар оройуон салалтата улаханнык чиэстээн атаарбыттара. Ыһыах дьонугар астыннаран “Ураа!” хаһыы ортотугар лента кэтэрдэн, харчы биэрэн чиэстээбиттэрэ-бочуоттаабыттара. Күн бүгүн кини көрдөрбүт рекордара тупсарылла иликтэр.

Ол чахчылартан биир чаҕылхай түгэн маннык буолбута. Бу Точка эдэр сааһыгар этэ. Дьэ, биир ыһыахха ат сүүрүүтүн сэҥээрээчилэри “бүргэс үрдүгэр” олордуталаабыта. Точка сүүрүөн иннинэ сүүрэр суолга киирэригэр хайаан да мөхсөн, буутайдана, иннинэн-кэннинэн түһүөлэнэн, чохчойо-чохчойо кэннин икки атаҕын өрө быраҕан иннин диэки ыстанар идэлээҕэ, ити кэмҥэ аттары түһэрии буолар. Точка иннин диэки ыстанар, онтуката сүүрэр суол утары хайысхата буолан биэрэр. Жокей аты ханньары тарда сатыыр да кыйабат. Түспүт аттар Улгумда алааһын ортолоон эрдэхтэринэ дьэ өйдөнөн эккирэтэр. Бастакы эргииригэр сүүрэн иһэр бөлөх акка чугас кэлэр, иккис эргиир ортотугар кэнники аты ситэр, биэтэккэ кэлиигэ лаппа сырдыктаахтык бастаан астыктык кэлэн, бар дьону үөрдэн турар. Биллэн турар Туочукаҕа утары уксубуттар хомойбут буолуохтаахтар. Точка 15 сыл биир да сыл тохтообокко ыһыах күрэхтэһиилэригэр сүүрбүтэ.

Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, уопуттаах сылгы иитээччи Николай Семенович Крылатов бу курдук ахтар:

“1983-84 с.с. Туочука ат Нам нэһилиэгэр, оччолорго зоотехник, Кардашевскай Александр Иннокентьевичка служебнай миҥэ быһыытынан бэриллибитэ. Оччолорго Ороһу нэһилиэгин эдэр, туран эрэр совхоз уолаттара Ороһу былыргаттан сүүрүк аттарынан аатырааччы, холобур Хамаров Гаврил Гаврильевич  сүүрдэр сылгыта Мааркап Харата, сүүрүүлэргэ иннин биэрбэтэ (аан маҥнай хара дьүһүннээх сылгы сүүһүгэр баар маҥан туоһахтаттан саҕалаан маҥан дьүһүннэнэн хаалбыт дьикти ат эбит) диэн санааннан ат сүүрдүүтүн сөргүтүөххэ диэн быһаарыммыппыт. Ат баайыытын ымпыгын-чымпыгын билбэт буолан Ороһу кырдьаҕас олохтоохторуттан Борисов Василийтан, Варфоломеевтан, Балаҕаннаах кырдьаҕаһа Ньукулай Дьөгүөрэбистэн, Харбалаахтан Ньукулаайап Уйбаантан  аты хайдах баайабыт, хатарабыт диэн сүбэ көрдөбүппүт.

Сороҕотун совхоз киэнин, сороҕотун бэйэбит кэтэх аттарбытын сарсыарда тыынаах эрдэ туран хаамтар этибит, режими күүскэ тутуһааччыбыт. Миэхэ Борисов Василий соноҕос биэрбитин өр бүөбэйдээн, харайан сүүрүк акка кубуппутум. Онтукайбын Крылай диэн сүрэхтээбитим, кэлин оройуоҥҥа хаста да бастаабыппыт. Сүүрдээччилэринэн Михаил Бечеряков, оччолорго оскуола оҕото Обоев Семен этилэр. 1983 с. оройуоҥҥа хамаанданан 2-с миэстэ буолары ситиспипит.

1985 с. Точка төттөрү Ороһу совхоһугар кэлбитэ, ону бэлиэтии көрөммүн мин сүүрдүбүтүм. Маҥнай утаа бууннаан дэлби кэлэн түһэ-түһэ барар этэ, онтон дьэ иккис, үһүс кругар барыларын ситэн ааһара. Точканы аар саарга аатырдан баран ол күһүнүгэр Өлүөхүмэҕэ техникумҥа үөрэнэ барбытым. Ол кыайыы кэннэ отой иннин биэрбэтэх этэ.

Ороһу нэһилиэгин, Тамалакаан диэкиттэн киирэр аартыгар , Ойунскай Ньургун Владимирович бэйэтин баҕатынан Точка ат памятнигын оҥорбута хайҕабыллаах. Кэнэҕэски көлүөнэ аар-саарга аатырбыт Туочука сүүрүк аты өйдүү-саныы сылдьыаҕа.  

Кэлин саха сылгытын улахан сүүрүүлэргэ таһаарбат буолбуттара хомолтолоох. Аттарбыт да бары үгүстэрэ хаан булкуһан хааллылар.

Кэлин Ороһуга төрдүлэрэ сылгыннан дьарыктаммыт дьон ыччата ону утумнаан дьарыктаналлар. Кэлин ат сүүрдүүтүгэн Ороһуга Данилов Романы кытары Иванов Айсен күүскэ ылсан эрэллэр”.