Ороһу нэһилиэгин историята

Административнай киинэ – Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ. Арҕаа диэкиттэн Нам, илин диэкиттэн Тамалакаан нэһилиэктэрин кытары быысаһар.

Тайаан сытар сирин уопсай иэнэ – 5396,09га,

Улуус кииниттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, илин 26 км. тэйиччи сытар.

2022 сылга:

Нэһилиэнньэтин ахсаана — 778

Тайаан сытар сирин иэнэ — 5396,09 кв.м.

Улуус кииниттэн 27 км. тэйиччи сытар

Нэһилиэккэ уопсайа 12 тэрилтэ үлэлиир

Оскуола оҕото — 120

Уһуйаан иитиллээччитэ — 60

Үрүҥ илгэни дэлэтээччи кэтэх хаһаайыстыба — 65

Хороҕор муостаах — 1199

Сыспай сиэллээх — 782

НЭҺИЛИЭК ИСТОРИЯТА

Өтөхтөөххө биэс уоллаах Быыгынас диэн оҕонньор олорбут. Кинилэри кытта Ороһу диэн ааттаах ойуун кэлсибит. Ойуун өллөхпүнэ олорор күөлбүн Ороһу диэн ааттаарыҥ диэн кэриэс эппит. Ойуун көрдөспүтүн курдук, олорбут күөлүн Ороһу диэн ааттаабыттар. Кэлин бу сир күөл аатынан Ороһу нэһилиэгэ диэн буолбут. Быыгынас оҕонньор биэс уолаттара оҕолонон-урууланан билиҥҥи ороһулар төрүттэрэ буолбуттар – Бигиэс, Маралдьыйа, Халан Тулааһын уонна Тор уустара.

Уулаах Өтөхтөөх, Кураанах Өтөхтөөх, Нэгэдьээк, Кустук, Дьарҕалаах, Арыылаах, Муоһааны алаастарга бытанан олорбуттар. Сүрүн дьарыктара булт, сүөһү иитиитэ уонна бурдук ыһыыта эбит. Сэдэх идэлээх дьон – олоҥхоһуттар, отоһуттар олорон ааспыттарынан биллэр.

Ороһу Ойуун Быыгынаһы кытта Кустукка биир кэмҥэ кэлэн олохсуйбут. Быыгынас элбэх ыччатардаах, Ороһу оҕонньор өлөр-быстар күнэ үүммүтүн билэн Быыгынас уолаттарын ыҥыртаан ылбыт. “Кэнэҕэски ааппын ааттатар оҕото-уруута суох хааллым. Онон аатым ахтыллыаҕын, бу олорор эбэбин мин ааппынан ааттаарыҥ”-диэн кэриэһин эппит. Ороһу күөлэ дьону-сэргэни элбэхтик аһаппыт, булдунан маанылаабыт үтүө дойду.

Нэһилиэги иилээн-саҕалаан, бигэ тирэх буолан Логлорутта Охонооһой, Бахчыыта, Кыынньаахырап диэн баайдар олорбуттара.

1901 с.Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥнайгы Үөдүгэй нэһилиэгиттэн арахсан бэйэтэ туспа нэһилиэк ахсааныгар киирбитэ.

1928 с. Ороһу нэһилиэгин олохтоох сэбиэтэ тэриллэр.

1935 с. бастакы оскуола арыллар.

1941-1945 с.с Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ороһу нэһилиэгиттэн 67 киһи сэрии уоттаах толоонугар ыҥырыллан саа-саадах тутан сэриилэспит. Мантан 45 киһи эргиллибэтэх. Сэриилэспэккэ эрэ Кыһыл Армия кэккэтигэр 22 киһи сулууспалаабыта. Үлэ фронугар 15 киһи сылдьыбыта. Ол кэмҥэ үлэлии олорбут “Кустук” уонна “Саҥа олох” холкуос дьоно кыайыы туһа диэн бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ.

1955-1958 с.с Ороһу – Нэгэдьээк нүөлсүтэр систематын үлэҕэ киллэрэр дьүккүөрдээх үлэ кэмнэрэ. 1958 с. быйаҥ уута аан бастаан ходуһалары нүөлсүппүтэ.

1960-1970 с.с чулуу механизатор Семен Николаевич Крылатов илии ыарахан үлэтин чэпчэтэргэ, үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтэргэ үгүс саҥа ньымалары киллэрбитэ.

1985-1992 с.с Ороһу отделениетын опыттаах, дьоҕурдаах салайааччы В.П. Егоров оройуоҥҥа, республикаҕа биир бастакынан аренда бэдэрээтинэн үлэлиир коллективтары тэрийбитэ, толору хаһаайыстыбаннай ахсаан ньыматынан үлэлээбитэ. Онтон туспа аренднай предприятие буолбута.

1997-2000 с.с саҥа үйэни көрсө “2000 үтүө дьыала”- диэн хамсааһын чэрчитинэн Ороһу нэһилиэгэр республикаҕа иккис “Альфа-Лаваль-Агри” шведскай технологияннан хааччыллыбыт саҥа модульнай молокозавод тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Салгыы үтүө дьыалаларынан, улууска маҥнайгыннан арочнай спортзал тутуута уонна водпровод системата буолаллар.

2004 с. Ороһу нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии буолбута.

2014 с. Ороһу нэһилиэгэ республикатааҕы “Экология тиэргэнтэн саҕаланар” күрэххэ маҥнайгы миэстэни ылбыта.

2016 с. 150 сүөһү турар саҥа комплекса үлэҕэ киирбитэ. Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун В.П. Егоров аата иҥэрилиннэ

2016 с. ахснньы ыйга саҥа кулууп үөрүүлээхтик арылынна, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Г.Г. Николаев аата иҥэрилиннэ.

2017 с. Ороһу нэһилиэгэр 20-с үбүлүөйдээх Манчаары оонньууларын көрсө саҥа икки сквер тутулунна.

2019 с. тохсунньу ыйыгар Үөһээ Бүлүү улууһугар “Вилюйский экспресс” волоконно-оптическай интернет ситимигэр киирэр утах үлэтин түмүктээн Ороһу нэһилиэгин хабан туран үлэтин саҕалыыр үөрүүлээх арыллыыта буолла.

2022 с. Ороһуга саҥа таас школа-сад уонна саха балаҕанын тутуута саҕаланна.