“Ороһу күүстээхтэрэ”

Мин бу билиҥҥи дьоҥҥо уонна ыччакка кылгас-кылгастык ахтыы суруйан билиһиннэрэбин. Бу суруйар күүстээх дьоммуттан икки-үс киһини илэ бодолорун көрбөтөҕүм, онтон атын күүстээх дьоннору үксүлэрин көрөр-билэр этим.

Ороһу былыр былыргаттан күүстээх дьоннор үөскээн ааспыт сирдэринэн буолар.

Куукула Мэхээлэ.

Ол Куукула Мэхээлэ диэн күүстээх киһи үөскээн ааспыт. Кини оччотооҕу нүкэн үйэҕэ төрөөбүт буолан элбэхтик күүһүн биллэрбэтэх. Ол да буоллар аҕыйах түгэни кэпсээтэххэ маннык.

Оччолорго Бүлүүлүүр суол Хомустаах уонна Дьарҕалаах диэн сирдэр ыккардыларынан ааһара үһү. Ол суолга Куукула Мэхээлэ Чап эбэтэр билиҥҥинэн Кэнтик киһитин Мөҥүөлэнэр Мэхээлэни кытта көрсүбүт. Син ону-маны кэспэтэн баран ол Кэнтик киһитэ Куукулаҕа: “Күүспүтүн холонон көрүөх эрэ!”, – диэн баран үрдүгэр түспүт. Онуоха Куукула кууһан ылбыт да бырахсыспытынан барбыт. Киһитэ син тулуйан утары анньа сырыттаҕына Ороһу күүстээҕэ иккиһин ойоҕоһуттан харбаан баран үөһэ өрө ытыйан таһаарбыт. Ону быраҕаары гынан эрдэҕинэ киһитэ ааттаспыт: “Сээкэйбин дэҥнээри гынныҥ, ыыт!”, – диэбит. Куукула Мэхээлэ тардыалатар, ол эбэтэр кэлэҕэйэ эбитэ үһү. “Чэ, Мөҥүөлэнэр Мэхээлэ, мөҥүөлэнэн мөхсөн көрүүй бэрт киһи”, – дии дии киһитин балай да тутан туран баран ыһыктан кэбиспит уонна баран хаалбыт.

Киһитэ аара биир ыалга сылдьан ааспыт уонна кэпсээбит үһү: “Ити Куукулаҕыт киһи буолбатах, абааһы эбит. Мин да син сэниэлээх курдук этим да, олох тулуппата, сээкэйбин дэҥнии сыста”, – диэбит үһү.

Аны иккис түбэлтэ. Саас, Кулуһуннаахха куйуур бириэмэтигэр, Куукула мэхээлэ улахан тымтайыгар балыгын кута турдаҕына дьоннор Атаака Уола Баһылай диэн баай уонна бардам соҕус киһини кикпиттэр: “Баһылай, ити Куукуланы түҥнэри сөрөөн баран, балыгын былдьаан аҕалаҥҥын уопсай майдааҥҥа кутан кэбис”, – диэбиттэр. Онуоха киһилэрэ эппит: “Кырдьык да олус күүһэ суох киһи ини, көрүҥэ эрэ дагдаҕара буолуо бука”, – диэн баран сүүрэн тииийэн киһитин тымтайын үрдүгэр түспүт. Онуоха киһитэ соһуйбут курдук илиитин таһынан садьыйан кэбиспитигэр хаарга тиэрэ таһылла түспүт. Тура охсон дьонугар кэлэн эппит: “Киһи кыайан тутуспат, наһаа күүстээх баҕайы эбит”, – диэбит. Куукула Мэхээлэ сүрдээҕин кыыһырбыт уонна эппит: “дьэ Атаака Уола иккиһин кэлэҥҥин балыкпын талаан бар эрэ, мин эйигин сөпкүн көрдөрүөм”, – диэбит үһү.

Мыкычаан Уола Мойото Баһылай.

Бу киһи улахан күүстээҕэ үһү. Бэйэтэ наһаа модьу уонна ортону үрдүнэн үрдүк уҥуохтаах эбит. Кини көтөҕөрүнэн уонна тардарынан кими да тулуппата үһү. Биирдэ эмит оонньоотоҕо буолан күүһүн көрдөрөрө дииллэр. Ол курдук Баай Кыынньаахарап Хабырыылга 25 буут бурдук киирэр хаатын көтөҕөн ампаар иһигэр киллэрэрэ. Ону Ороһу оҕонньотторо кэпсииллэрин истэр этим.

Мойотону кытта арай Малтааскы Уола Ыстапаан диэн эдэр киһи мас тардыһан холоһон тэҥнэспитэ дииллэр. Оччолорго Мойото кырдьаҕаһа эбитэ үһү. Кинини көрбүт дьоннор этэллэринэн, улахан аһас киһиннэн биллэр уонна туох да оһуобай үлэһит киһи үһү. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо: “Мойото харытыгар дылы”, – диэн. Бука чахчыы модьутун иһин эппит буолуохтаахтар.

Таныы Уола Дьохдьох Ыкынаачай

Оҕонньору көрөр-билэр этим. Бу киһи эдэригэр тустубатах – оонньооботох эбит. Ол эрээри кини оччолорого бурдук сирин ойуурун-чөҥөчөгүн солооһуҥҥа күүһүн көрдөрбүт. Кини хайдахтаах да чөҥөчөккө төһүүлэммэккэ туура тардан баран солооһун тас өртүгэр таһаарара үһү. Онон кинини көрбүт дьон олус аатырдан кэпсиилэрин истэрим.

Аны биир түбэлтэҕэ урут эдэригэр хайа эрэ ыал хотонун уот сиэбитигэр, элбэх сүөһү буруоҕа тумнастан сытарын хотон иһиттэн биирдии сүөһүннэн соҕотоҕун соһон таһырдьа таһаартаабыт. Атын дьоннор түөрт-биэс буоланнар, быанан соһон таһаартаабыттар. Онон бу да киһи күүстээҕинэн биллэр эбит. Көрүҥүнэн орто уҥуохтаах, киэҥ сытыы харахтаах, модьу-таҕа эр бэрдэ сэбэрэлээх киһи кырдьыбыт этэ.

Бууча Баһылай

Эмиэ Таныы уола, бу Дьохдьох Ыкынаачай быраата Иванов Василий – Бууча Баһылай диэн күүстээх модьу-таҕа киһи этэ. Бу киһи тустубут киһиннэн биллэр. Ол эрээри кини охторуута аҕыйах, үксэ киһини быһыта тута тута охторбото үһү. Наһаа көнтөрүк киһинэн биллэр. Бу уҥуоҕунан орто киһи этэ уонна сытыары сымнаҕас майгылаах, араас көрүдьүөс кэпсээннээх этэ.

Бырдака Бөҕөс

Үөһээ Бүлүү улууһун кулубата Георгий Потаповка – Баай Батаакапка тустар бөҕөс быһыытынан Бырдакаров Григорий – Бырдака сылдьыбыта үһү. Бу киһи эдэригэр икки миэтири арыый кыайбат үрдүктээх, туох да солоҕой, модьу-таҕа эбит. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо: “Бырдака табаҕайа – холбо күрдьэх саҕа”, – диэн. Мин кинини кырдьыбытын кэннэ да билэбин уонна кини бииргэ төрөөбүт быраатыгар Тайылаҕа иитиллибитим, онон абаҕабын билэбин. Кини элбэхтик тустубут. Ол тухары кимтэн да охтубакка кырдьыбыт.

Мин тустуутуттан икки түгэни кэпсиэхпин сөп. Дьон этэринэн, ол маннык. Биирдэ Харбалаахха ыһыах буолбут. Онно Бырдака Бөҕө Чөкө Сөдүөт диэн улахан күүстээх, эмиэ тустуук киһини кытта тустубуттар. Онно аатырбыт бөҕөскө Сөдүөт киирдэ-киирээт икки атаҕар түспүт. Көтөҕөн эрдэҕинэ Бырдака Бөҕө икки илиитинэн Сөдүөтү хонноҕун анныгар уган баран ньылбы анньаат кэтэҕиттэн тутан баран умса тардан кэбиспит. Онуоха киһитэ икки илиитинэн тайана түспүт. Ол гынан баран эппит: “Миигин олох тулуппакка начаас охтордо, баҕайы кыаҕа-дуола уонна улахана бэрт буолан урааҥхай киһитэ тулуспат киһитэ эбит”, – диэн наһаа сөхпүтэ үһү. Ол хойукка диэри сэһэн буола сылдьар. Аны биир тустубут түгэни кэпсиим. Павлов Григорий Дуораан диэн эмиэ сэниэлээх тустар оҕонньор өрдөөҕүтэ Нам ыһыаҕар дьоҥҥо кэпсии олорорун истибитим. Ол маннык эбит. Бырдака Кигиэлэй тустарын быраҕан кырдьан эрэр бириэмэтэ үһү. Бу Дуораан Киргиэлэй саамай эдэрин үгэнигэр сылдьара үһү. Кини биирдэ сайын окко киириэх иннинэ, аатырдар Бырдаканы көрөөрү уонна баҕар тустар буоллаҕына холоһон да көрүөм диэн оҕонньоро олоҕор Тыһаҕас алааһыгар кэлбит. Бырдаканы кытта элбэхтик ону-маны кэпсэтэн баран ыалдьыт: “Дьэ Киргиэлэй оҕонньор өһүргэнимэ. Мин эйигин ааттаан-суоллаан кэлэн олоробун. Баҕар тустар буоллаххына тустаары”, – диэбит. Онуоха оҕонньор эппит: “Мин кырдьаҕас киһи охтон да хаалыахпыт сөп. Ону эн олус аат-суол тарҕатайаҕын. Чэ, тахсан холоһон да көрүөххэ”, – диэбит. Иннэ кынан икки Киргиэлэйдэр тустубутунан барбыттар. Син балай да туппалаһан баран Бырдака киһитин кэтэҕиттэн ылан баран аҥаар илиитинэн такымыттан ылаат иттэннэри анньан кэбиспитэ олбуортан иҥнэн нэһиилэ охтубакка хаалбыт. Онтон салгыы тустубатахтар, уурайбыттар. Ити ахтыыны Павлов Киргиэлэй оҕонньор кэпсээниттэн суруйдум. Павлов оҕонньор Бырдаканы наһаа хайгыыр этэ. Бырдаканы кырдьан да баран күүһүн-уоҕун уонна улаханын олус сөҕөрө.

Быккасов Савва – Күпсүллэй Савва

Бу киһи эмиэ Бырдака Киргиэлэй курдук улахан бөдөҥ киһи кырдьыбытын билэбин. Кини туһунан дьон-сэргэ кэпсэлэ маннык. Бэйэтэ дьадаҥы киһи этэ. Бултаан, балыктаан айаҕын ииттинэн сылдьыбыт киһи. Кинини олус күүстээх киһиннэн ааҕаллара. Бу Савва үйэтигэр тустубатах эбит. Хата, оонньоон охсуһар идэлээҕэ үһү. Оччотооҕу сорох сэниэээх дьоннору кытта холоһон охсуһан оонньуурун таптыыра үһү. Уонна дьоҥҥо кэпсиир эбит: “Миигин охсуһууга ким да кыайбатаҕа, онон син үчүгэй эбиппин”, – диирэ үһү.

Иккис түбэлтэ диэн маннык. Кини бэйэтин муҥхатынан куруутун күһүн муҥхалыыра дииллэр. Олл сылдьан Бүгүйэх эбэ хотуҥҥа сааскы туонаҕа муҥхалыы сылдьан, муҥхата иҥнигэҥҥэ иҥнибит. Ону ымыйах диэн оттон иҥнибитэ буолуо диэн уолаттары: “Тардыҥ!”, – диэбитин кыайан соспотохтор. Ол дьону кыйабаккыт диэн сэмэлии сэмэлии бэйэтэ тарпыт. Иккитэ-үстэ дьигиргэтэн тарпытыгар муҥхатын кыната үөһээ аллараа өтүүтүн кытта быстан босхо кэлбит. Ону эппит үһү:”Бу эргэ муҥха кыната быстара сөп. Ону эһиги дьоҥҥо -сэргэҕэ кэпсэл оҥостоойоҕут.”, – диэбит.

Кини улахан күүстээх киһи үһү. Төһө да эмэҕирбит муҥха кынатын иһин, чахчы кыайар буолан быстаҕа буолуо. Истэр тухары муҥханы быһа тарпыт киһи диэн суоҕа. Онон Савва олус күүстээҕин оччотооҕу ньүкэн үйэҕэ үчүгэйдик биллэрбэтэх эбит.

Ефимов Спиридон – Архаа Испирдиэн

Орто уҥуохтаах эт-лахса модьу киһи этэ. Кини биирдэ Үөһээ Бүлүүгэ ыһыахха киирбит. Советскай былаас кэмэ эбит. Онно Харбалаах, Ороһу уонна Нам дьонноро Намҥа мустан баран аттаах атынан, сорохтор сатыы бэрт элбэх дьоннор күрүөмүнэн аргыстаһан киирэллэрэ үһү. Онно ыһыахха Дьылла Уола Майгаатов Барылаан аҕыс-тоҕус Нам, Ороһу дьонун утуу-субуу тустан охтортообут. Ол кэннэ эппит: “Мин бүгүҥҥү күҥҥэ аатырбыт Намнары, Ороһулары Куорамыкы хонуутун дьааматыгар туолуор диэри өссө да охторуом! Хайа, киһилээххит дуо?! Миэхэ киллэриҥ!”, – дии дии түһүлгэни кэрийэ хаама сылдьыбыт. Онуоха нэһилиэктэр дьонноро уонна кырдьаҕастара олус диэн абаран диэн сатаран диэн тустар киһи була сатаабыттар да булбатахтар. Ол сырыттахтарына хайа эрэ киһи урут хаһан да тустубатах уонна күүһүнэн-уоҕунан кимиэхэ да биллибэтэх бүрэ соҕус көрүҥнээх Архаа Испирдиэни нэһиилэ хаайан киллэрбит. Барылаан сэнээн үртү барчалаан киһитин иннинэн-кэннинэн сүүрэ сырыттаҕына, Архаа Испирдиэн киһитин икки атаҕыттан ылаат өрө баһан таһаарбыт уонна оҕус хаһан кээспит кыра дьаамаҕа илдьэн “ньык” кына бырахпыт уонна түһүлгэттэн сүүрэн тахсыбыт. Онно бу эҥэр дьоно наһаа үөрэн ураатаан-уруйдаан аанньа ыһыахтаабакка аттарын үрдүгэр түспүттэр да дойдуларын диэки ыстаннарбыттар.

Кэлин бу Архаа испирдиэн ханна да ооннььоботоҕо, күүһүн кимиэхэ да биллэрбэтэҕэ дииллэр. Кини кырдьык улахан күүстээҕэ эбитэ үһү. Ону наһаа ньүкэн, сэмэй буолан биллэрбэтэх.

Прокопьев Спиридон – Чөҥкөй Бөҕө.

Кини киэҥ харахтаах, үрдүк муруннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, сытыы, лаһыгырайбыт модьу-таҕа көрүҥнээх киһи этэ. Аатырдар Чөҥкөйдөрүн кырдьан сылдьарын көрбүтүм. Кини тура күүһүнэн күүстээҕэ чуолкай.

Хойут сааһырбыт киһи Маай бырааһынньыгар түөрт бөдөҥ дьоннору такымнарын илиилэринэн туттаран модьу сиэрдийэни хоннохторун иһинэн уган олордон баран ыккардыларыгар киирэн сиэрдийэттэн тутан баран көтөҕөн мадьылатан таһааран уонча хаамылаах сиргэ илдьэн олордубута. Онно очотооҕу кыанар дьоннор Чөҥкөй оҕонньор көтөҕөрүн көтөҕөллөр этэ. Ол гынан баран биир-икки хаамыыны эрэ оҥороллоро уонна кыайбаттар этэ.

Бу Чөҥкөй Испирдиэн киһиттэн охтубатах тустааччы дииллэрэ. Арай Бырдака эрэ баһыйара үһү.

Кини Нам нэһилиэгэр үөскээбит олус күүстээх, улахан көрүҥнээх аатырбыт Мухоплев Гаврил диэн Лөкөй Хабырыыл күтүөтэ эбит. Бу Лөкөй оҕонньор өйүнэн буккулар бириэмэтигэр туох да киһитэ туппата үһү. Арай күтүөтэ Чөҥкөй Испирдиэн тутара үһү.

Кини улахан уола Яков аҥаар атаҕа суох фронтовик “Кыһыл Сулус” орденнаах, элбэх медаллардаах этэ. Бу киһи Лөкөй оҕонньор сиэнэ. Кини күүстээх көрүҥнээҕэ. Ол эрээри күүһүн туохха да биллэрбэтэх.

Арай Бөргөмдө “Эбэ Хотуҥҥа” кустуу эбэтэр андылыы киирэригэр тыытыгар 40-ча мончуугу уонна таҥнар таҥаһын уган баран соһон илдьэрэ диэн Тамалакаан олохтоохторо куруутун кэпсээччилэр.

Итини тэҥэ Яков быраатын, спорт маастарын Егор Прокопьевы кытта кыратык сакалааттаһан илии тутуспуттар. Ол маннык. Яков быраатын бэгэччэгиттэн аҥаар илиитинэн туппут уонна эппит: “Чэ, Егор, күүһүмсүйэҕин дии, төлө охсон бар эрэ”, – диэбит. Ону Егор убайын иллититтэн төлөрүйэ сатаабыт да, биирдэһэ олох ыыппатах. Убайа эппит: “Кыра да киһи эрээри күүһүмсүйэн аан дойдуну барыыгын”, – диэбит уонна күл да күл буолбут. Бу иккиэн Чөҥкөй Испирдиэн уолаттара буолаллар.

Семенов Еремей – Бото

Көрүҥүнэн модьу уонна уҥуоҕунан да оротону үрдүнэн уһуннаах киһи этэ. Кини үйэлээх сааһыгар колхозка үлэлээбитэ. Оччолорго атынан бэдэрээт көтөҕөллөрө. Кини эмиэ күүстээх буолан баран, наһаа көнтөрүк үһү. Онон тустубатаҕа буолуоуҕа.

Арай кини  эдэригэр икки бууттаах гиирэни туос төрдүө курдук тутара үһү. Холобур 18 хаамыллаах сиргэ ампаар ойоҕоһугар чоҕунан сыал бэлиэтээн баран гиирэтин суолу ыйар курдук тутан баран илиитин ууммутунан намылыппакка сыалын анньара үһү. Кини курдук, оччотооҕу сэрии иннинээҕи дьоннор олох кыайан аспаттар этэ. Еремей аны охсуһууга ыарахан сутуругктааҕынан аатырара, аныгы үйэҕэ баара буоллар, чахчы боксер буолуох этэ.

Тимофеев Данил – Сэҥийэ Тайыла

Үрдүк соөус уҥуохтаах, моонньо эҥин суох курдук ыгдаҕар этэ. Лаппа модьу киһи буолуохтаах эдэригэр. Кырдьан да баран соччо сэбэрэтин сүтэрбэтэх көрүҥнээҕэ. Кини элбэх уолаттардаах. Хонтууска диэн нуучча оҕонньорун саамай кыра уола үһү. Бу Хонтууска оҕонньор уолаттара бары бөдөҥ-садан дьоннор эбиттэр уонна күүстэхтэрэ эбитэ үһү.

Арай биирдэ күһүн Хонтууска оҕонньор олорор сиригэр Күүлэлээххэ 20-тахса бууттаах кур оҕус ууга түһэн өлбүтүн бу Хонтууска уолаттара муустары, хаардары көтөҕөн оонньуулара эбит. Ол оҕуһу 25 буукка холууллара. Оттон бырааттара Сэҥийэ Тайыла оҕуһу туруору тутан баран анныгар киирэн өрө сүгэн илиитинэн уонна саннынан көмөлөһүннэрэн ыгдах ыгдах гынан өрө анньан дьиэлэрин күүлэтин үрдүгэр уурбут. Ону убайдара оҕуһу өрө анньан кыайан уурбатахтар. Ол оҕус тутарга-көтөҕөргө табыгаһа суоҕа чуолкай. Ону тайыла лаппа кыайар буолан оҕуһу күүлэ үрдүгэр уурбута буолуоҕа.

Тайыла аны тустан холонон көрбүт да киһини быһа тута тута сатаан охторбото үһү уонна бэйэтэ хаһан да охтубатаҕа дииллэр. Көрбүт дьоннор этэллэринэн арай кинини убайа Бырдака Киргиэлэй бэрт эрэйинэн модьуйан туран биирдэ охторбута дииллэр.

Сэҥийэ Тайыла мас тардыһыытыгар кими да тулуппата үһү. Биирдэ хойут кырдьан олордоҕуна Маай күн Ороһу оскуолатыгар күрэхтэһии буолбута: “Тустууга, көтөҕүүгэ уонна мас тардыһыытыгар.”Онно били аатырбыт Чөҥкөй Испирдиэн көрөҕүүгэ кыайбытын эппитим. Онон бу мас тардыһыытыгар сэҥийэ тайыланы оччотооҕу сэрии иннинээҕи эр бэртэрэ уолаттар элбэх киһи тардыһан баран кыайбатахтара. Онон оҕонньоттор бастаабыттара.

Бу Тимофеев Данил оҕонньор сиэнэ мелодист Георгий Никифоров буолар.

Тимофеев Игнатий Иннокентьевич – Чаачар Бөҕө

Бу киһи Хонтууска оҕонньор үһүс уолуттан Иннокентий диэнтэн төрөөбүт. Онон Сэҥийэ Тайыла убайын уола буолар. Чаачар Бөҕө тас көрүҥүнэн сыбыдьыал көнө уҥуохтаах, үрдүгэ быһа барыллаан 175 см эбит.

Дьоннор кэпсииллэринэн, тустаары тас таҥаһын устан кэбистэҕинэ быһыта баайталаабыт курдук былчыҥнаах, лас курдук модьу киһи эбитэ үһү. Кини бэйэтин бириэмэтигэр тустууга кимьэн да охтубатах киһиннэн биллэр.

Кини тустарыгар дэгиттэр албастааҕа дииллэр, онон кини хайдахтаах да киһини оонньуу оҥостор курдук тустара дииллэр уонна наадыйда да соҕотохто сири булларара үһү. Хор, оннук кыахтааҕа. Күүстээх диэн олус сөҕөн-хайҕаан хойукка диэри кэпсэтэллэрин истэрбит.

Кини биирдэ Нам ыһыаҕар иккис бириискэ киирэн тустан уонтан тахса киһини охторбут. Онтон бастакы бириискэ Хоро киһитэ Миикээ диэн ааттаах күүстээх киһи эмиэ элбэх дьону охторбут. Ол иһигэр Ороһу киһитэ Хобуев Иннокентий баара. Кини билигин 80-тан тахса саастаах, сэрии ветерана. Ону эмиэ охторбут. Онон ол Хоро Миикээтэ бастаабыт.

Икки бастаабыт бөҕөстөрү Миикээни уонна Чаачар Ыкынаачайы көрүһүннэрбиттэр. Онно син балай да өр соҕус тустумалаан иһэн чаачар киһитин икки такымыттан ылаат өрө көтөҕөн таһааран иһэн эмискэ сири булларбыттар үрдүнэн көтөн ааспыт. Ол кэннэ түһүлгэни туора сүүрэн тахсыбыт. Дьэ кыайдаҕа ол.

Аны биирдэ борокуот Нам анныгар кэлэн тохтообут онно биир нуучча киһитэ мотуруос тахсан биэрэккэ хас да саха бэртэрин тустан баттаталаан, охтортоон испит. Онуоха оҕонньоттор ыксааннар Чаачар Бөҕөнү көрдөөбүттэр. Онуоха киһилэрэ оруобуна баар буолан биэрбит. “Чэ, киирэн ити баҕайыны кытта туһун”, – диэбиттэр. Онуоха Чаачар Ыкынаачай тустарга сөбүлэспит. Онон иккиэннэрин ханнык эрэ переводчик көмөтүнэн кэпсэтиннэрэн туһуннарбыттар. Онуоха Чаачар Бөҕө тустумалаан иһэн киһитин аҥаар атаҕыттан өрө көтөҕөн баран бокуой биэрбэккэ кумахха тас уораҕатынан бырахпыт уонна үрдүнэн көтөн ааспыт.

Ол нуучча бухатыыра сөрү диэн сөхпүт уонна эппит: “Мин киһиттэн охтубатах киһи этим, ити хайдах оҕуттум? Оо, сиргэ эгин араас күүстээх дьоннор бааллар эбит, дьэ сөхтүм”, – диэхтээбитэ үһү.

Мин кини тустуутун ити икки түгэни эрэ дьонтон истибиппин суруйдум. Дьиҥинэн, дьон кэспэлинэн тустубута элбэх үһү. Ону барытын суруйар кыаҕым суох. Чаачар Ыкынаачай атаҕынан кус быһый киһиннэн биллэр. Холобур, кылыыга, куобахха, буурга тэҥнээҕин булбатах, оччотооҕу кини үйэтинээҕи дьоннор араас улуустартан аатырдан кэлэн күрэхтэһэллэрэ эбитэ үһү да кыайтаран бараллара дииллэр. Аны туран үрдүгү – быаны көтөрө сүрдээх эбит. Бэйэтиттэн икки харыс үрдүктээҕи оннооҕор этэрбэһин устубакка оргууй аҕай сүүрэн дэгэйэн кэлэн туйаҕа сиигирбэккэ көтөрө диэн билиҥҥэ диэри уос номоҕо кынан кэпсииллэр. Онон Тимофеев Ыкынаачай дэгиттэр ыкахтаах киһи эбит. Дэлэҕэ “Чаачар” диэн аатыахтара дуо?! Кини уола Филиип Игнатьевич Тимофеев атах оонньуутугар оройуон хас да төгүллээх чемпиона этэ. Хомойуох иһин, кини көрдөрүүтүн оччотооҕу спорт салалтата суруйан хааларбатах.

Иванов Алексей – Туусчут Өлөксөй.

Өлөксөй Күүстээх Мойото оҕонньор сиэнэ этэ. Кини колхозтаах, онон колхозка элбэхтик үлэлээбит киһи. Мин кинини кытта куруутун бииргэ үлэлиир табаарыһым этэ.

Өлөксөй миигиттэн лаппа аҕа саастаах. Кини Докторов Никитаны – Бычырдааны кытта саастыы буолуон сөп. Биһиги сүһүөх көлүөнэ ыччаттар этэ. Кини 180-ча см үрдүктээҕэ. Бэйэтэ токур уонна бүлгүркэй сарыннаах, чахчы күүстээх киэптээх, үчүгэй көрүҥнээх этэ. Билбэт да киһи кинини көрдөҕүнэ: “Күүстээх эбит ээ”, – диэн уорбалыан сөп.

Бу киһи тустуунан олох дьарыктамматах. Хата, ол оннугар көтөҕөрүнэн-сүгэринэн аатырарар. Кини күүһүн туһунан аҕыйах түгэни кэпсээтэххэ маннык. Өлөксөй оҕо сааһа уонна улаатан киһи буолан төлөһүйбүт сирэ Өргүөт Балаҕаннааҕа буолар.

Онно биирдэ кинилэргэ чугастааҕы ыаллара эмээхсин сылгы тутар хас да быластаах өргөнү хатан баран, тымтакаҕа уган ыалга илдьэн иһэр эбит. Кинилэргэ киирэн Өлөксөй ийэтин кытта сэһэргэһэ-сэһэргэһэ чэйдээбиттэр. Ити бириэмэҕэ Өлөксөй таһырдьа сээкэйи кына сылдьан били тымтайы өҥөйөн көрбүтэ модьу баҕайы өргөн сытар эбит. Кини били өргөнү баҕанаҕа баайан дьээбэлэнэн уонна таарыйа бэйэтин күүһүн билинээри тарадан көрбүт. Син өр соҕус күүскэ тардыбыт. Онтуката уунан-уунан баран быһа ыстанан хаалбыт. Ону Өлөксөй өргөнү суулуу тутан баран тымтайга укпут. Эмээхсин ол быаны үлэхтээх дьонугар илдьэн биэрбитин, дьонноро быа быстыбытын көрөн баран, бу Туусчут Өлөксөй сатамматах күүсээх киһи үөскээн эрэр эбит диэн кэпсэл буолбута үһү.

Кини бэдэрээччит буолан айаҥҥа сылдьара үһү. Онно биир сибиэмийэҕэ элбэх бэдэрээччиктэр түмсэн хоно сыппыттар. Онно биир бөдөҥ баҕайы нуучча киһитэ мас тардыһан 10-тан тахса киһини таһаҕас оҥостубакка холкутун ылаттаабыт уонна эппит: “Онон-манан сырыттым да, миигин ким да ыла илик, өскө кыайар киһи көстөрө буоллар, ол кыайбыт киһиэхэ чэй, табах уонна биир ыстаан таҥаһы биэриэм этэ”, – диэбит.

Ону истэн табаарыс дьонноро Өлөксөйү хаайбыттар: “Холоһон көр”, – диэн. Ону кини син тардыһан да көрүөххэ дии санаан сөбүлэспит. Иннэ гынан өр баҕайы тардыһан баран Өлөскөй киһитин ньылбы тардан кэбиспит. Ону Өлөксөй хойут кэпсиирэ үһү: “Син элбэхтик тардысыптым буолуо да, кини курдук тардар киһи суоҕа”, – диэн. Өлөксөй ол тардыһар нууччаны чахчы үчүгэй киһи эбит диэн хайгаан сэһэргээбит эбит.

Биирдэ Ороһуга колхоз эрдэхпитинэ, Өлөксөй көлө мэлииһэтин киин бодьунуой маһын – (8 метр усталаах, быһар төбөтө 30 см диаметрдаах модьулаах) хатырыктаах сытар бэрэбинэни түөрт көлөһөлөөх тэлиэгэҕэ ортотуттан кууһан көтөҕөн таһааран тэлиэгэтигэр уурбут. Онтун инники ууран кэбиһэн оҕуһу мэһэйдиэх курдугун иһин, тэлиэгэтин кэннигэр маһы туора быраҕан туормастаан баран, бэрэбинэтин кэннин диэки анньыбыт. Онтон бүтэн баран сиһэ ыалдьан нэһиилэ дьиэтигэр кэлбит. Итини барытын Доодохов Николай диэн оҕонньор көрбүт уонна оҕуһун сиэтэн кэлбит үһү.

Туусчут Өлөксөйү мас тардыһыытыгар ким да ылбатаҕа дииллэр. Онтон көтөҕүүгэ кинини баһылыыр киһи бу оройуоҥҥа суоҕа буолуоҕа диэн дьоннор кэпсэтэллэрин истэр этибит. Онон аныгы киһиэхэ киниэхэ тиийэр күүстээх киһи суоҕа буолуоҕа. Эгэ билиҥҥи дьоҥҥо күүс баар буолуо дуо?!

Лаппа кыанар дьоннор бааллара.

Дьэ бу суруйбут, сүдү күүстээх дьонтон ураты, сэрии иннинээҕи бириэмэҕэ бэйэлэрин лаппа кыанар дьоннор бааллара.

Иванов Яков – Баһарҕас. Бу киһи аатырбыт Буучугураһы кытта тустубута биллэр.

Туораахырап Петр. Кини Н.К. Докторовы – Бычырдааны кытта тустубут киһиннэн биллэр.

Хобуев Иннокентий билигин баар. Аарыма кырдьаҕас, сэрии ветерана. Кини чаачар Бөҕөнү кытта тустубут, оонньообут киһи. Бу киһи итини таһынан наһаа кус быһый, сүүрүк киһиннэн аатырара дииллэр.

Мылыкысов Афанасий. Эмиэ фронтовик. Бу киһи наһаа тустарын сөбүлүүрэ уонна улахан бөҕө киһиннэн биллэрэ.

Иванов Роман – Нөкөс уола. Бу улахан күүстээх киһи тахсар чинчилээҕэ. Кимтэн да охтубакка сылдьан сэриигэ барбыта уонна кэлбэтэҕэ.

Бу дьоннор бары сэрии иннигэр ооньоон-көрүлээн сылдьыбыттара.

Көйөргө кыыһа Иванова Марина. Улахан күүстээх дьахтар этэ. Кини оччолорго мас тардыһан уонна дьахталлар тустууларыгар аҥардастыы аатырбыта. Хас да сылы быһа кинини кыайар дьахтар суоҕа. Урукку бириэмэҕэ дьахталларга мас тардыһыыта уонна тустуу күрэхтэһиитэ баар этэ. Биир оройуон ыһыаҕар аатырбыт аатырбыт күүстээх Буучугурас балта (аатын чуолкай билбэтим, бадаҕа Маайа эбитэ дуу?) улахан бөдөҥ күүстээх чүөчэ Ороһу күүстээҕин Маринаны кытта тустубута уонна олус уһуннук тустубакка үлтү сөрөөн мадьыктаан туура мускуйан охторбута. Онон күүстээх чүөчэ быһылааҕа. Кинини Мэйиккэ олорор дииллэрэ. Туох ыччатааҕа эбитэ буолла, ону чуолкай билбэтим.

***

Онон түмүктээн эттэххэ, бу мин суруйуубар билиһиннэрбит күүстээх дьоноорум олус сытыары сымнаҕас, куһаҕан тылы мээнэ саҥарбат, улахан киэҥ дэлэгэй киэҥ көҕүстээх нэһилиэккэ олус убаастанар дьонунан биллэллэрэ. Ол иһин кинилэри убаастаан бу ахтыы суруйдум.

Конон Корякин, сэрии үлэ ветерана, Ороһу олохтооҕо.    

1991 ахсынньы 7 күнэ, Үөһээ Бүлүү хаһыат 146 нүөмэрэ.