Таисия күн ортото долгуйан уһугунна. Сүрэҕин тэбиитэ биир кэм ньиргийэн олорор. “Оҕом!” – дии санаабытынан оронугар олоро биэрдэ. Сүр тиэтэлинэн орон баһыгар ыйанан турар халаатын ылан кэттэ уонна таапачыкатын сыгынньах атаҕар аанньынаат, палаататтан тахсан, уһун көрүдүөр устун кыһыл оҕолор бэбээрэ ытыыр сирдэригэр сүүрэн тиийдэ.
Кыһыл оҕолор сытар хосторун өстүөкүлэ нөҥүө көрөн турда. Ийэ сүрэҕэ уонча оҕоттон чопчу бэйэтин киэнин булан уоскуйда. Кини уолчаана пелёнканан хам сууланан баран утуйан буккуруусытар. Тася оҕотун көрөн уоскуйда. Хараҕын оҕотуттан араарбакка чочумча тура түһэн баран, аа-дьуо хоһугар төнүннэ.
– Таисия, хайдах буолан бу сүүрэлии сылдьаҕын? Хааныҥ баран нэһиилэ быыһаммытыҥ ээ. Турарыҥ көҥүллэммэт! – палаататыгар киирээтин кытта бырааһа мөҥө тоһуйда.
-Санаам буолбакка, оҕобун көрөн кэллим. Оҕолор ытаһа ахан сыталлар, оттон миэнэ итиччэ айдааҥҥа нус бааччы утуйа сытар… Таисия дьоллоохтук мичээрдиир.
-Уу кыһыл оҕо тас тыаһы истибэт ээ. Эн бөлүүн биһигини барыбытын куттаабыккын билэҕин дуо? Эмискэччи хаанын баран, улаханнык ыксыы сырыттыбыт. Манна, киин сиргэ кэлэн, оҕоломмутуҥ сөп эбит. Тыаҕа иэдэйиэ эбиккин. Бөһүөлэгин биэлсэригэр махтанаар, киин сиргэ төрөтө ыыппытыгар. Мантан инньэ бэйэҕин харыстаннаххына сатанар. Билигин даҕаны туругун мөлтөх, дабылыанньаҥ түһэрэ-тахсара бэрт. Иҥэмтэлээх аста аһаа, убаһа быара наада, гранат суога, хааныҥ баран анаалыһыҥ соччото суох…
– Розалия Ивановна, оҕом, оҕом доруобай дуо? Кылаабынайа, оҕом эрэ этэҥҥэ буоллун…
– Таисия, эн бэйэҕин санаа! Оччоҕо эрэ оҕоҕун кыайан көрүөҥ буолбатах дуо?
– Миэхэ оҕом эрэ этэҥҥэ буоллун…
Таисия ийэ буолар дьолу түөрт уон сааһын ааһан баран билбитэ. Кини олорор сэлиэнньэтигэр, бииргэ үөрэммит кыргыттарыттан соҕотоҕун эргэ барбакка, ийэтин кытта олорбута. Ийэтэ Огдооччуйа, кыыһын олоххун оноһун диэн сыппах быһаҕынан сулуйардыы аала сатаан баран, кэлин саҥарбат да буолбута. Таисия оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр үчүгэйкээн бэйэлээх кыыс оҕото этэ. Сырдык ыраас хааннаах, саһарчы көрбүт киэҥ харахтаах, спортсменка бэрдэ. Оскуола, нэһилиэк ыытыллар тэрээһиннэригэр бастыҥ көхтөөх кыттааччы. Оҕо эрдэҕиттэн ийэтин наар үөрдэ эрэ сылдьыбыт кыыс. Онон Огдооччуйа кыыһыттан элбэҕи күүтэрэ. Сааһын тухары ыанньыксыттаабыт ийэтэ: “Оҕом, Тасям, үөрэхтэнэн, улахан үлэһит буолан, киэн сиргэ баран олоруо. Бу тыа сиригэр ынах кутуругун эрийэ олоруо суоҕа”, – диэн саҥалааҕа.
Ол эрээри, Тасята атыннык дьаһаммыта. Оскуола кэнниттэн икки сыл холкуоска үлэлээн баран, орто үөрэххэ киирэн, буҕаалтыратыыһыт идэтигэр үөрэммитэ. Үөрэҕин кэнниттэн онно-манна таласпакка, төрөөбүтүөскээбит дойдутугар кэлэн, маҕаһыыҥҥа үлэҕэ киирбитэ.
“Үнүр ыалбыт Өкүлүүн киирэ сылдьан, кыыһа үрдүк үөрэххэ киирбитинэн киһиргээн тахсыбыта. “Тасян баара суоҕа атыыһыкка киирбит” диэн эҕэлээх өссө. Тугу гынаары ол атыыһыкка киирдин?” – Огдооччуйа кыыһа үөрэххэ киирбит сылын саҥатыгар абаран этэн көрбүтэ даҕаны, кыыс санаатын булгуруппатаҕа.
Таисия, ол курдук, дойдутугар кэлэн маҕаһыыҥҥа үлэлээбитэ ыраатта. Олохтоохтор маҕаһыыннарын хотунун ытыктыыллар. Астаҥас кинилэргэ дэлэйдик кэлэр буолбутуттан астыналлар. “Хор, ити – Тасям дьаһала. Кини сатаан кэпсэтэн, манна араас аһы-табаары аҕалтарар. Урукку маҕаһыын хайдаҕын өйдүүр инигит? Туох да суох буолан, наар куораттан сакаастан эрэйи көрөрбүт буолбат дуо? Хата, маҕаһыын хотуна кыыстаах буоламмын, бэлэмҥэ олоробун. Ас атыылаһыам кэлиэ дуо?” – диир билигин Огдооччуйа.
-Өкүлүүн күн аайы киирэн ону-маны көрдөөн тахсар. Малбын уларса-уларса төннөрбөт адьынаттаах. Бүгүн киирэн сымыыт, сухуой үүт ылан таҕыста. Миигин манна босхо маҕаһыын оҥостон бүтэн эрэр, – киэһэ, аһыы олорон, кыыһыгар үҥсэргээтэ.
-Тоҕо биэрэҕин оттон? Маҕаһыыҥҥа кэлэн атыылаһыаҕын, – Тася кэпсэтиини өйөөн эттэ.
Наар харчыта суох аатырар. Ол үрдүк үөрэхтээх кыыһа хайаан көмөлөспөтө буолла? Ханна эрэ ыраах улууска эргэ баран олорор сурахтаах. Наар миигин ордук санаан биэрэр. “Тасян – өйдөөх кыыс, манна эн аттыгар үчүгэй баҕайытык үлэлии сылдьар” диэн ымсыырар. Били орто үөрэхтээх диэн сиилээбитин умнубут, быһыыта.
– Дьыала үөрэҕэр буолбатах ээ, ийээ. Сөбүлүүр идэҕин баһылаан үлэлиирин билэр. Ким туохха сүрэҕэ сытарынан үөрэнэр, үлэлиир буоллаҕа дии. Мин үлэбин сирбэппин. Маҕаһыыҥна үлэлиирбин сөбүлүүбүн.
– Сыччыай, эн кэтэхтэн үрдүк үөрэххэ киириэҥ этэ. Үлэлии-үлэлии үөрэн ээ. Мин үөрэммэтэхпин эн ситиһиэхтээххин. Баҕарар баҕам – оҕом үрдүк үөрэхтээх буоллун диэн, – Огдооччуйа харбыт быластыыҥка курдук этэрин хатылаата.
-Аныгы ирдэбилинэн салгыы үөрэниэхпин наада. Онон Хабаровскай куорат институтугар кэтэхтэн киирэн үөрэнэр былааннаахпын.
– Ии, оҕом барахсан! Саамай сөп! Үөрэнүөрэн! Үөрэхтээх эрэ киһи аныгы үйэҕэ уҥа-хаҥас бырахсан сылдьар кэмэ кэллэ дии. Өкүлүүҥҥэ кэпсээтэхпинэ сирэйэ, дьэ, уһуур буолбут, – диэн ийэтэ эдэрдии тэбэнэттээхтик
күллэ.
– Ийээ, эн кимиэхэ даҕаны мин олохпун кэпсээмэ эрэ! Тугу да гынара суох буолан, Өкүлүүннүүн иккиэн дэриэбинэни толороҕут дии. Эйиэхэ ол иһин тугу да кэпсиэхпин баҕарбаппын, – Тася ийэтин аатыгар буойан көрдө даҕаны, ийэтин майгытын уларыппатын билэр.
Этэҥҥэ олордоххо, дьыл-хонук элэстэнэн ааһара түргэнэ сүр. Таисия Ивановна үрдүк үөрэҕин бүтэрбитэ. Уларыта тутуу айдаана турбутугар маҕаһыын муҥур хотуна буолан олорбут киһи, олох биэрбит кыаҕын мүччү туппакка, ыскылааты, маҕаһыыны бэрт түргэнник бэйэтин аатыгар суруйтарбыта. Онон сотору бөһүөлэккэ тарбахха баттанар бөдөҥ урбаанньыт буолбута. Соҕуруунан-хотунан сылдьан табыллан туран үлэлээбитэ.
– Тася, мин сиэн диэни көрбөккө бу дойдуттан аттанар киһи буоллум. Оҕо баар – дьахтар дьоло диэн. Эн сааһыран эрэҕин, төрүүр сааскын куоттардыҥ да бүттүҥ. Хайдах суоссоҕотох бу атааннаах-мөҥүөннээх олоххо туран хаалаары гынаҕын? Эн биһикки, иккиэйэҕин да буоллар, ыал аатыран олоробут буолбат дуо? Оттон мин өлөн хааллахпына, соҕотохсуйуу муунтуйуутугар хаалыан. Соҕотохсуйуу диэн таҥара накааһа. Онон кырдьаҕас ийэҥ тылын иһит. Бу муспут баайыҥ-дуолун даҕаны күный ыһыаҕа буолан бүтүө, бэйэҥ оҕоҥ суох буоллаҕына.
Ийэтэ Огдооччуйа кэлин сылларга наар ыаһах гынан саныыр санаатын кыыһыгар эппитэ. Тасята саҥата суох истэн эрэ кэбиспитэ.
(Салгыытын “Күрүлгэн” уус-уран сурунаал 2025 с. 4 №-гэр аах)