“Ыччат кэскилэ – тапталлаах поэт айымньытыгар” – Поэт Петр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылын көрсө.

Бүгүн о.э. ыам ыйын 15 күнүгэр Поэт Пётр Поликарпович Одорусов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан, Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа дьоһуннаах тэрээһин буолла.

Ороһу орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ поэт айар үлэтин сырдатар библиотечнай урокка сырыттылар. Ону таһынан, уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ Айсель Навконова уонна Мичийэ Семёнова улуустааҕы оҕо киин библиотеката ыыппыт Пётр Поликарпович өрөгөйдөөх сылын чэрчитинэн тэриллибит уһуйаан уонна алын кылаас оҕолоругар аналлаах научно-практическай конференцияҕа ситиһиилээхтик кыттыбыттара олус кэрэхсэбиллээх. Мичийэ 1-гы миэстэни, Айсель 2-с миэстэни ылан, биһиги киэн туттуубутун үрдэттилэр. Бүгүн кинилэр биһиги библиотечнай урокпутугар Айсель биир дойдулаахпыт Гаврил Давыдович Кысылбаиков Пётр Поликарпович “Чыычаахтар” хоһоонугар мелодия суруйбутун туһунан кэпсээтэ уонна алта араас материалынан оҥоһуллубут кэрэ чыычаахтарын көрдөрдө. Оттон Мичийэ, Пётр Поликарпович айар олоҕун дириҥник чинчийбитин туһунан сэһэргээн, истээччилэри сөхтөрдө.

Киин оҕо библиотеката оҥорон таһаарбыт медиа-уруогун оҕолор уонна улахан дьон олус сэҥээрэн иһиттилэр. Тэрээһин түмүгэр оҕолор Пётр Поликарпович кыыллар туһунан хоһооннорунан таабырыннары таайсан, үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Бу күн оҕолор Пётр Поликарпович Одорусов айар олоҕун туһунан үгүс саҥаны биллилэр.

Тэрээһин ситиһиилээхтик ыытылларыгар үтүө кылааттарын киллэрбит Ороһутааҕы уһуйаан иитээччилэригэр Валентина Васильевна Даниловаҕа, Анастасия Васильевна Руфоваҕа, уонна 5-с кылаас салайааччытыгар Люция Петровна Кондаковаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит!