“Ааҕар дьиэ кэргэн – 2026”

Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа “Ааҕар дьиэ кэргэн – 2026” тэрээһин ситиһиилээхтик ыытылынна!

Бүгүҥҥү күн, кулун тутар 17 күнүгэр, Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотекаҕа, сыл аайы үтүө үгэс буолбут “Ааҕар дьиэ кэргэн – 2026” диэн күрэх-тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Быйылгы тэрээһин Арассыыйа үрдүнэн Сомоҕолоһуу, Саха сиригэр Култуура, оттон биһиги улууспутугар Үөрэҕирии өрөгөйдөөх сылларыгар ананан ыытылынна. Санатар эбит буоллахха күрэҕи сылын аайы К.С. Чиряев аатынан этнопедагогика киинин библиотеката (Павлова Т.П.), оскуола библиотеката (Константинова Д.С.) уонна биһиги библиотекабыт үгэс быһыытынан ыытабыт.

Бу кэрэхсэбиллээх уонна интэриэһинэй күрэххэ үс өйүнэн-санаатынан булугас дьиэ кэргэн кытынна: Котоконовтар, Захаровтар уонна Павловтар.

Күрэх маҥнайгы икки түһүмэҕэр кыттааччылар слайд көмөтүнэн бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, ону тэҥэ дьиэ кэргэнинэн таптаан ааҕар кинигэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Үһүс түһүмэххэ нуучча уонна саха литературатыттан ыйытыллыбыт блиц-боппуруостарга түргэнник уонна чуолкайдык эппиэттээтилэр. Төрдүс түһүмэх кыттааччылартан сахалыы айымньыларынан анаграммалары уонна өс хоһооннорун ребустарын таайалларын ирдээтэ. Олус ыарахан, ол эрэн кэрэхсэбиллээх сорудах этэ. Бэһис түһүмэххэ төрөппүттэр А.С. Пушкин “Унылая пора очей очарованье” диэн хоһоонун сахалыы тылбаастаан дьоҕурдарын көрдөрдүлэр, оттон оҕолор сахалыы ребустары таайдылар.

Күрэх түмүгүнэн Павловтар дьиэ кэргэн “Булугас өйдөөх дьиэ кэргэн” аатын ылан кыайыылааҕынан таҕыста. Котоконовтар “Мындыр дьиэ кэргэн” диэн анал ааты ыллылар, оттон Захаровтар “Иэйиилээх дьиэ кэргэн” диэн бэлиэтээһини ыллылар. Күрэххэ кыттыбыт бары дьиэ кэргэн өйдөбүнньүк бириистэрин ылан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Бу тэрээһин дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыыга тапталы үөскэтэргэ, төрөөбүт тылбыт баайын билиһиннэрэргэ уонна өй-санаа сайдыытыгар олус улахан суолталааҕын өссө төгүл көрдөрдө. Маннык күрэхтэр инникитин даҕаны үрдүк таһымнаахтык ыытылла туралларыгар баҕарабыт!